ХоҺоон толоонун тойугун иэйиитэ

Далыр нэһилиэгэр 2025 сыл ахсынньы 8 күнүгэр умнуллубат кэрэ – бэлиэ күн буолан ааспыта. “Хоһоон толоонун тойугун иэйиитэ” диэн хомоҕой суруйуулаах хоһоон хомуурунньуга 19 түһүмэхтээх кинигэ Көҥүл бэйээт Анатолий Иванович Илларионов – Туола Тарбыанап олоххо буолар көстүүлэри таба көрөн дьүһүннээн, тэҥнэбиллээн суруйбут кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан аастаИлларионов Анатолий Иванович – Туола Тарбыанап туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха кини 1964 сыллаахха, ахсынньы 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун, Далыр нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, сварщик идэтин баһылаан, төрөөбүт үөскээбит сиригэр, Далырыгар ОДьКХ 30 сыл слесарь – сварщигынан үлэлээбитэ. 2017 сылтан саҕалаан хоһоон суруйан саҕалаабыта, билигин “Ситим” көҥүл суруйааччылар сойууһун чилиэнэ. Элбэх хоһоон күрэҕин кыттыылааҕа уонна кыайыылааҕа.Бу үтүөкэн кинигэ күн сирин көрөрүгэр биир санаанан салайтаран, идея туһугар үлэлээн хамнаан оҥорон таһаардылар Автор Илларионов Анатолий Иванович уонна көрдөһүүбүтүн ылынан, сөбүлэһэн кинигэни сааһылаан, эрэдээксийэлээтэ Үрдүкү категориялаах учуутал, Отличник образования РС(Я), Россия журналистарын сойууһун чилиэнэ, элбэх кинигэ автора, соавтора Мэйик нэһилиэгин биир тутаах киһитэ Владимир Афанасьевич Федоров, Далыр кэрэ айылҕатын хаартыскаҕа түһэрэн, оҥорон биэрбит Марианна Владимировна Евсеева буолар.

Илларионов Анатолий Иванович – Туола Тарбыанап Хоьоон толоонун тойугун иэйиитэ кинигэтигэр 19 араас түһүмэх баар ол иьигэр кини 102 анабыл хоһоонноох.Кинигэбит күн сирин көрөрүгэр сүҥкэн кылаатын киллэрбит олохтоох администрация Тыа сирин түөлбэтэ Далыр нэһилиэгин администрациятыгар, Туола Тарбыанап бииргэ үөрэммит оҕолоругар, бары аймахтарыгар, “Уйгу” түмсүүгэ, кинигэ презентациятыгар кыттыыны ылбыт дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбитСаха чиргэл тиитинии тэтиэнэх доруобуйалан, дьол-саргы аргыстан, үөрүү-көтүү кынаттан! Тус бэйэҕэр, кэргэҥҥэр Татьяна Павловнаҕа, оҕолоргор, чугас дьоҥҥор, алаһа дьиэҕэр үгүс үөрүү, аар арчы, этэҥҥэ буолуу тосхойо турдун! Баҕарыахпыт этэ, Анатолий Ивановичка өссө да айар үлэҥ ыллыктаах суола арылла турарыгар, санааҥ ситимэ уостубатыгар, толкуйуҥ уҕараабатыгар,хоһоонноруҥ хомуурунньуга элбииригэр,сэҥээрэн ааҕар ааҕааччыларыҥ хаҥыы турарыгар!