
Олунньу 24-25 күннэригэр Далырбыт нэҺилиэгэр Сахабыт сирин маанылаах көтөрүн Кыталыгы уруҺуйдуурга үөрэтэр Софронова Лилия Георгиевна маастар кылааҺа буолан ааста.
Лилия Георгиевна номнуо олус интэриэҺинэй иккис маастар кылааҺын бар дьоҥҥо анаан ыытта, үөрэттэ. Элбэх киҺи уруҺуйу сэҥээрэн Сахабыт сирин кэрэ айыл5атын уруҺуйдуур тиэмэлээх маастар кылаас үҺүс төгүлүн муус устар ыйга ыытыллара былааннанна.
НэҺилиэкпитигэр Лилия Георгиевна курдук талааннаах дьоннор баалларыттан, сатабылларын бар дьону кытары үллэстэллэриттэн үөрэбит, киэн туттабыт.
Маастар кылааска кэлэн кыттыыны ылбыт күндү дьоммутугар барыларыгар, чуолаан Лилия Георгиевна5а улахан махталбытын тиэрдэбит! Кытаанах доруобуйаны, бары үчүгэйи ба5арабыт!
















