
ОЛУННЬУ – Одун хаан ыйа. Одун Хаан олунньуга сиргэ чугаҺыыр киҺиэхэ сүрү биэрэр. Сүр диэн оло5у тутар, олох олорор күүс. Итини киҺи айыл5аттан ылар. Одун ыйыгар өбүгэлэрбит сүрү күүҺүрдэр алгыс этинэллэрэ. Тыл күүҺүн итэ5эйэр, алгыҺы ылынар киҺиэхэ алгыс күүҺэ хайаан да тиийэр. Олунньу 1 күнэ- дьыл (кыҺын) оройо. КүҺүҥҥү Бокуруоптан 110 хонук, оттон сааскы Ньукуолуҥҥа диэри эмиэ 110 хонук аа5ыллар. КыҺыҥҥы хонук аҥаара бүтэр. Кыстык кэмҥэ бэлэмнэммит ас- үөл аҥаара сиэниллэр. Бу кэми бэлиэтээн Өбүгэлэрбит олунньу ыйга “Одун Хаан оонньуута” диэн сибиэҺэй салгыҥҥа, айыл5аттан күүс- уох ылаары, кыҺыны этэҥҥэ туораан иҺэллэринэн оонньуу тэрийэллэрэ.
Ол курдук биҺиги нэҺилиэккэ олунньу 27 күнүгэр “Одун хаан оонньуута” күрэх буолан ааста.
Күрэ5и кө5үлээн, бэйэлэрэ тыл көтө5өн ыыттылар “Ситим” көҥүл суруйааччылар сойууҺун чилиэнэ, “ХоҺоон толоонун тойугун иэйиитэ” хоҺоон хомуурунньугун автора Илларионов Анатолий Иванович – Туола Тарбыанап уонна кини оло5ун аргыҺа, кэргэнэ Татьяна Павловна – Татыйык. Күрэ5и бэйэлэрин тэлгэҺэлэригэр тэрийдилэр.
Күрэххэ Далыр орто оскуолатын 3, 4 кылаас 9 уола Саввинов Антон, Прокопьев Саша, Брызгалов Тит, Егоров Дьулусхан, Федотов Арылхан, Федотов Сергей, Саввинов Арылхан, Тараканов Маркел уонна Васильев Айархаан кыттыыны ыллылар. Сэттэ араас түҺумэххэ оонньоотулар: тутум эргиир, ойбонтон уулааҺын, көтөх ына5ы көтө5үү, ат сүүрдүүтэ(түөрт атах буолан сүүрүү), мас тардыҺыы, о5унан ытыы, кур оту ойуу. КүрэхтэҺии олус күүрүүлээхтик ааста, хас биирдии кыттыыччы ис сүрэхтэриттэн кыҺаллан оонньоотулар.
Түмүккэ 3 миэстэни ылла Брызгалов Тит, 2 миэстэни Прокопьев Саша, 1 миэстэни Федотов Арылхан ыллылар. Кылаас салайааччылара Семенова Надежда Николаевна уонна Егорова Людмила Александровна о5олоругар кэлэн күүс- көмө, сүбэ – ама буоллулар. Ону таьынан Кэскил түөлбэ олохтоохторо Варвара Николаевна уонна Вера Саввична сиэнинээн кэлэн күрэ5и көрдулэр. Бары кыттыбыт уолаттарга анаан Туола уонна Татыйык Тарбыанаптар куоба5ынан, күҺүҥҥү куҺунан, мас көтөрүнэн, өрүс балыгынан, собонон, сылгы ойо5оҺунан күндүлээтилэр! Олус интэриэҺинэй күрэх буолан ааста, уолаттар бары астыннылар, сэргээтилэр. Күрэх кэннэ АлаҺа дьиэ хаҺаайката Татьяна кыргыттарынаан Оксаналыын уонна Сахалиналыын тэрийбит маанылаах остуолларыгар сылаас чэйдээх, утахтаах, сүөгэйдээх, күөрчэхтээх алаадьыларынан, минньигэстэринэн күндүлээтилэр. Бу курдук олус сонун, үчүгэй күрэ5и тэрийбит дьоммутугар Туола уонна Татыйык Тарбыанаптарга улахан махталбытын тиэрдэбит! Дьиэ кэргэҥҥитигэр доруобуйаны, дьолу ба5арабыт! Ону таҺынан бүгүҥҥү күрэ5и ыытыспыт Владимир Климовскайга, протоколу толорбут Надежда Николаевна5а улахан махталбытын тиэрдэбит! Ессө төгүл бары тэрийбит, кыттыыны ылбыт, кэлэн көрөөччү буолбут дьоммутугар махтанабыт!
































Туола Тарбыанапка анаан 3 уонна 4 кылаас коллектива ааспыт А5а дойдуну кемускээччилэр куннэринэн бэлэх ууннулар

