Биир дойдулаахпыт, прозаик, Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха сирин культуратын үлэһитэ В.Н.Титов айар үлэтин туһунан тус санаатын Далыр орто оскуолатын төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэтин учуутала Афанасьев Юрий Семенович араас көрүүлэрэ.

Василий Николаевич Титов – Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын, Россия суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ 85 сааһыгар анаан талааннаах суруналыыс, бэйиэт уонна суруйааччы быһыытынан тус санаам, араас көрүүлэрим.

Далыр орто оскуолатын төрөөбүт

тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала

Афанасьев Юрий Семенович

2026 сыл, ыам ыйа

В.Н.Титов – СӨ суруйааччыларын, Россия суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ 85 сааһыгар анаан талааннаах суруналыыс, бэйиэт уонна суруйааччы быһыытынан бэйэм санаабын, араас көрүүлэрбин суруйарга холонуом.

1. Айар илбис саҕаланыыта.

В.Н.Титов Далыр оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан аан маҥнай айар үлэтэ саҕаламмыт эбит. Оччолорго саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Николай Семенович Еремисов литэрэтииринэй куруһуоктаах этэ. Онно баҕалаах оҕолор айар тыл умсулҕаныгар дьарыктанар эбиттэр. Биир кэмҥэ Гаврил Угаров, Александр Архипов, Николай Герасимов, Василий Титов уо.д.а. дьарыктанан, үүнэн – сайдан биллиилээх суруналыыстар, суруйааччылар, бэйиэттэр тахсыбыттар. Балартан билигин Гаврил Угаров эрэ айа – тута сылдьар. Саха суруйааччыларыттан фантастика жанрыгар соҕотох суруйааччы буолар.

Биир кылааска үөрэммиттэртэн А.С Архипов, Н.А.Герасимов – Айталын, В.Н. Титов өрөспүүбүлүкэ биллэр суруналыыстара, бэйиэттэрэ уонна суруйааччылара үүнэн тахсыбыттара.

2. Суруналыыстыка эйгэтигэр.

          В.Н. Титов 1971 с. Хабаровскайдааҕы үрдүкү партийнай оскуолатыгар суруналыыстыка салаатын үөрэнэн бүтэриэҕиттэн “Эдэр коммунист” хаһыакка отдел сэбиэдиссэйинэн Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа улуустааҕы хаһыакка эрэдээктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Суруйар эйгэтэ олус киэҥ этэ, ол курдук тыа хаһаайыстыбата, култуура, олох – дьаһах, айылҕа харыстабыла. Суруналыыс кыраҕы хараҕа итэҕэһи – быһаҕаһы булан көрөр, ону туоратарга хайаан да тиһэҕэр тиийэ суруйар туруорсар ураты дьоҕурдаах этэ. Уочаркаларыгар суруйар тиэмэтин иҥэн – тоҥон үөрэтэрэ, проблеманы сытыытык туруорара, быһаарыллар суолун – ииһин ыйан – кэрдэн биэрэрэ ситэри, толору көстөр дии саныыбын. В.Н. Титов публицистика көмөтүнэн ийэ айылҕатын көмүскэлигэр кыаҕа тиийэринэн үлэлээбитэ. Бүлүү өрүс сүнньүн олохтоохторун долгуппут “Кратон” диэн аатынан биллибит сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэриилэр тустарынан киһини эрэ барытын долгутар суруйууларын өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар таһаартарбыта. Бу үлэлэригэр сурах хоту буолбакка, миэстэтигэр сылдьан уу хараҕынан көрөн, эт кулгааҕынан истэн, баар быһыыны – майгыны ырыппыта кэрэхсэбиллээх. Ол гынан баран, тиһэҕэр тириэрпэтэҕэ хомолтолоох. Арай суорума суолламматах буоллун?!

3. Сонун жанр (новелла)

          В.Н. Титов айар үлэ умсулҕаныгар куустарбытытын, тыл илбиһин иҥэриммитин туоһутунан литэрэтиирэ сонунтан сонун жанрдарыгар холонон көрүүтэ буолбута. Холобур, новелла курдук аҕыйах тылынан дириҥ иэйиини этэри эрэйэр уустук көрүҥҥэ айбыт айымньылара элбэх. Олортон “Кууһа түһэр кустуктар” диэн хомуурунньугун да ааттыахха сөп. Холобур, “Мин намыын уоскулаҥым” новеллаҕа төрөөбүт алааһын ханна да сырыттар ааһан – араҕан биэрбэт кэрэ сыта, итиннэ мутукча, дьэдьэн, ыаммыт сылаас үүт, алаадьы уонна түптэ буруота буккуспут сыттарын ахта, саныы сылдьарын аҕыйах тылынан өйдөнөр гына суруйан кэбиспит.

          “Сүрэх сылааһа” новеллаҕа эбэтэ Кэтэриинэ эмээхсин туһунан истиҥ – иһирэх тылларынан ахтара, эбэтэ барахсан номоҕон мөссүөнэ киһи хараҕар көстөн кэлэрэ дьикти. Өссө да ааттаталыы туруохха сөп этэ.

          В.Н. Титов публицистика араас жанрыгар кыайа –хото үлэлээбит эбит. Уонтан тахса новелланы суруйбутун булан көрдүм. Бары бэйэ – бэйэлэригэр майгыннаспат, олох атын тыллаах – өстөөх айымньылар.

          Атын суруйааччылар новелланы хото суруйбаттар, олус ыарахан жанр. Тылы имитэн – хомутан, чахчы тыл баайын быһылаабыт киһи айар. В.Н. Титов чахчы тыл баайын кыайа – хото туттар суруйааччы буолбута көстөр.

4. Драмалара

Номох – норуокка тарҕаммыт, буолбута – буолбатаҕа биллибэт чахчылар тустарынан хас эмэ үйэттэн тиийэн кэлбит кэпсээни, сэһэни ааттыыбыт.

          В.Н. Титов номоххо олоҕурбут сэттэ хартыыналаах “Быралыйбыт оноҕостор” диэн драманы суруйбута саха ааҕааччыларын умсугуппута. Бу драмаҕа былыр сахалар аҕа уустарынан бытанан олоруулара, кыргыс үйэтинээҕи кэм буолан, бэйэ – бэйэлэрин, атын хотугу омуктары да кытта сотору – сотору сэриилэһэн, өлүү – сүтүү элбэх этэ, ил – эйэ диэн суох этэ. Онтон кэлин биир өйгө – санааҕа кэлбиттэрэ, түмсүбүттэрэ. Драмаҕа көрдөрүллэр сүрүн дьоруойдар бары Өлүөнэ өрүс улахан хочолорун аатынан ааттаммыттара мээнэҕэ буолбатах, манна сахалар, түөлбэлээн олорор улуустара буолар. Тойон Мүрү, Хотун Туймаада, Эркээни, Эҥсиэли – бу хочолорго Уус Алдан, Дьокуускай куорат, Нам, Хаҥалас улуустара тайаан сытар.

          Тойон Мүрү уонна Долган Баһылык икки тыл – тылларыгар киирсибэккэ, Долган Баһылык дьонун – сэргэтин илдьэ хоту диэки барар. Бу баран киһилии олоҕу олорботтор, туора урдустар Өргөстөөх Өскөнү уонна Чорду Хоһууну өлөрөллөр. Тойон Мүрү сурдьун Долган Баһылыгы санаан тахсар. Бииргэ олорбуппут буоллар өйөһөн – убаһан олоруо этибит, ордуос майгыннаах буолан, биһигиттэн арахсан алдьаннаҕа. Сиэним Номоҕон Бэргэн ситтэ – хотто, эрэлбит эрэ кини буолла, өйдөөх – төйдөөх, инникитин толкуйдуур, аҕа уустары кини туттаҕына тутуо диэн эрэллээх. Ил – эйэ буолуо, бары түмсүүлээх буолуохтара диэн иһигэр эрэл кыыма умайда. Манна омсолоох куһаөҕан дьоруой диэн суох. Бары олох иһин тыыннаах хаалар туһугар олордохторо, оччотооҕу олох сиэринэн.

          “Тыал буолбуттар…” драмата (“Далан Тулаайах оҕо” арамаанынан) историческай кэми хабан көрдөрбүтэ. Нууччалар өссө да кэми хабан көрдөрбүтэ. Нууччалар өссө да кэлэ иликтэринэ, эрэллэрэ көстөр. Оччолорго Бүлүү сиригэр – уотугар хотугу омуктар хото олохсуйан олорор кэмнэрэ этэ.

5. Уус – уран айымньы ухханыгар оҕустаран

“Суруйааччы күн бүгүҥҥү миинэр миҥэтинэн, көлүнэр көлөтүнэн, бэйэтин норуотугар дьиҥнээх туһалаах көмөтүнэн публицистика жанра буолара ордук табыгастаах дии саныыбын”

Василий Титов

В.Н. титов бастакы кинигэтэ “Сааскы тэлиилэр” диэн ааттанан тахсыбыта. Манна киирбит кэпсээннэртэн “Олох уонна бааһына”, “Алаас сибэккилэрэ” айымньыларга ойууланар быһыыны – майгыны, үлэни – хамнаһы, ис – иһиттэн өйдүүр – билэр киһи суруйбута харахха быраҕыллар.

          Утуу- субуу кэпсээн, сэһэн кинигэлэрэ, онтон арамаан курдук бөдөҥ айымньы күн сирин көрбүттэрэ. Манна биир бэлиэ түгэни этиэххэ сөп. Ол кэпсээннэргэ, сэһэннэрэ: “Сааскы тэлиилэр”, “Таптал сэргэтэ”, “Этиллибэтэх кырдьык” – орто уонна улахан оҕолорго диэн анабыллааҕа. Оҕоҕо, ордук чуолаан чороччу улаатан эрэр оҕолорго, анаан суруйар сүрдээх уустук, улахан эппиэттээх. “Таптал сэргэтэ” диэн ааттаах кинигэтигэр киирбит “Оһохчуттар”, “Ыт дьылҕата” кэпсээннэри аахпыт киһи хайдах да умнуо суоҕун курдук өйдөнөрдүк суруллубут. Манна бүрэ дьүһуннээх оһохчут Байбал киһи быһыытынан көнөтө, дууһатын кэрэтэ кылгас кэпсээҥҥэ итэҕэтиилээхтик ойууланар. Аҕыйах тылынан киһи мэтириэтин биэрэр ураты талаана хайа эрэ өттүнэн Эрилик Эристиин санатар.

          “Ыт дьылҕата” кэпсээнигэр дьон ыкка сыһыаннарыттан көрөн характердарын сайыннаран суруйбута улахан суруйааччы айар ньыматыгар холоонноох. Кэпсээннэрэ олоххо буолбут чахчыларга олоҕуран суруллубут персонажтар ааҕааччыга итэҕэтиилээхтик тиийэллэр. Онон суруйааччы бэйэтин олоҕор билбитэ уус –уран айымньыга тирэх буолара саарбаҕа суох. Суруйааччы быһыытынан сиппит – хоппут тыллааҕа, араас тэҥнэбиллэри холкутук, эрэллээхтик туттара, кэпсээнин сюжетын тэтимнээхтик сайыннарара айар маастарыстыбата сайдан иһэрин көрдөрбүтэ.

“Хомурах туруйата” диэн икки кинигэлээх арамааныгар дьикти олохтоох, уустук туруоруу майгылаах Хардыы уобараһа ааҕааччыны умсугутардык ойууланар. Кини олохтоох салалта сыыһатын соҕотоҕун утарсан, бэйэтин дьылҕатын олох тыйыс суорунатыгар мэһийтэрэн баран, киһи быһыытынан күүстээх хараахтарын көрдөрөн, бары моһоллору туораан, үтүө аатын төннөрөр суолга үктэнэр. Айылҕа баараҕай көстүүтэ, киһи айылҕаҕа сыһыана, айылҕа туһунан иһирэх санаата суруйааччы тус бэйэтин баай дууһатын олоҕу билиитэ киэҥ өрүттээҕинэн көрдөрүллэрэ өйдөнөр. Мин санаабар, “Хомурах туруйата” арамааҥҥа суруйааччы хонноҕо аһыллан үлэлээбитэ көстөр.

          “Уоттаах чыычаахтар” диэн сэһэнэ 1992 с. Суруллубута. Сэрии сылларыгар Чурапчы дьонун күүс өттүнэн хоту көһөрүү ыар кэмин дириҥник ырытан, итэҕэтиилээхтик, уус ураннык, киһини долгутардык, уйадытардык арыйар. Сэһэн дьоруойдара былааһы кытта аахсар кыаҕа суох “кыра” дьон. Манна репрессия ыар содулун тиэмэтэ тапталы ойуулааһын нөҥүө сонуннук арыллар. Дьоруой харахтарын арыллыытыгар персонаж аата, тас дьүһүнэ, кини саҥата  – иҥэтэ, тутта – хапта сылдьара уус – ураннык сиһилии ойууланар. Ол курдук сүрүн дьоруой Киэсэ Хоһуунап айымньыга көлүөнэлэри ситимниир уобарас быһыытынан арылларын таһынан, Чурапчы хоһуун дьоно олоххо ураты дьулуурдаахтарын туоһулуур. Сэһэн сүрүн дьоруойа Киэсэ, аҕата сэрии бастакы хомууругар барарыгар биэс саастаах хаалбыта, ийэтэ Балааса тыа боростуой дьахтара. Балагыай эмээхсини киһи аһына көрөр. Бастакы ыраас, истиҥник тапталын кэтэһэн, кэриэстээн үйэтин тухары чороҥ соҕотох сылдьан, үйэтин моҥоон эрэр. Киэсэни ийэтэ хаалыаҕыттан бэйэтин сиэнин курдук кимиэхэ да атаҕастаппакка илдьэ сылдьыбыта. Эмээхсин эрэйдээх салгыы айанныыр кыаҕа суох буолан, уолу Дьаакыпка көрө – истэ сырыт диэн тылын ылыннарбыта. Ол эрээри Дьаакып оҕону уһуннук бодьуустаспатаҕа, сир – халлаан ыккардыгар хаалларан, быраҕан, бэйэтигэр улахан аньыыны оҥостуммута.

          Киэсэ уолу Уста Уйбаан алҕака түбэһэ түһэн, дьиэтигэр аҕалан, уол тыыннаах хаалар. Уста Уйбаан уһуну – киэҥи санаан, биһиги сааһырдыбыт, суох буоллахпытына, эмиэ оҕо эрэйдээх киһи буолбат. Онон эрдэ – сылла Виталий Шмелев диэн нуучча киһитигэр биэрэн ыытар. Киэсэ Хоһуунап эрэйдээх – буруйдаах, ыарахан олоҕо Виталий илиитигэр киирэр. (Виталий Шмелев ыарахан олоҕо туһунан кэпсээн) Виталий мээнэ киһи буолбатаҕа тылыттан – өһүттэн, сирэйиттэн – хараҕыттан да көстөр, аһыныгас дууһалааҕа, хорсун – хоодуот санаалааҕа биллэр.

          Сэһэн бүтэһигэр киһи Киэсэ дьылҕата тосту уларыйарыгар, олох салгыы салҕанарыгар бүк эрэллээх хаалар.

          Киэсэ аны уоттаах чыычаахтары көрбөт, кини уонун да туолбакка сылдьан үс төгүл көрбүтэ. Дьигинэн, ити дьикти уоттаах чыычаахтар сут- кураан содулугар хоту көһөн сордонон, аас эрэй – муҥ эриирин тулуйбакка охтубут, Киэсэ эт саастыы оҕолорун салгыҥҥа хаалбыт, кутурҕан ырыалаах Ийэ Куттара этилэр…

6. Поэзия алыптаах суолугар

          В.Н. Тиов хоһоонноруттан киһи ордук ийэтигэр анаан суруйбут хоһоонун долгуйа ааҕар. Кыра сааһыгар төгүрүк тулаайах хаалбыта. Аҕата кыратыгар, онтон ийэтэ саҥа улаатан эрдэҕинэ олохтон барбыттара. Сэрии саҕанааҕы ыарахан олоххо тулаайах хаалыы киһи тылынан сатаан эппэт дьыалата. Ийэ, аҕа тапталын, дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэх, аас – туор, тиийиммэт – түгэммэт олоҕу этинэн – хаанынан билбитэ. Хайа киһи ийэтин ахтыбат, санаабат буолуой? Хас биирдии киһи ийэтигэр махталлаах буолуохтаах.

Ийэм уҥуоҕар

Мин ийэм эргэрбит уҥуоҕар,

Эргиллэбин ыраахтан

Манна хаһан да уурбаттар

Сибэккини, мутукчаны.

Бэйэтэ сытар, им – ньимҥэ,

Айылҕа сиккиэрин ортотугар,

Мин олордубут хатыҥчааным

Эҕэрдэлии көрсөр мэлдьитин…

Сыллар ааһаллар, халдьаайыга

Ньургуһуннаруосталлархомурахтыы

Мин суохпар уолгун санатан

Соҕотох туруйа хаһыытыыр.

Мин эн уҥуоҕуҥ үрдүгэр

Кэллэрбин эрэ иэстээх курдук

Уурабын, сүгүрүйэ махтанан

Арыылаах саха лэппиэскэтин…

Кэрэҕиттэн бэлэхтээ

Киирэн – тахсар күннэрдиин

Кэккэлэһэ иһиэхпин

Кэрэмэс саһыл кэриэтэ

Кэрэҕиттэн бэлэхтээ.

Киэһэ күнүн арҕаалаан

Киирэн хаалыан иннинэ

Кэхтибэтэх сылаастаах

Кэрэҕиттэн бэлэхтээ.

Киһи буолан бу сиргэ

Кэлбит үтүө айылгым

Кэрэлэрэ эн бааргын дии,

Кэрэҕиттэн бэлэхтээ.

Кэмнэммэтэх дьолунан

Кэнэҕэски ыччаппар

Кэпсээн гына сылдьыахпын

Кэрэҕиттэн бэлэхтээ.

          Бу хоһооҥҥо ырыа матыыбын биллиилээх мелодист Марфа Данилова айбыта. Ону биһиги таптыыр ырыаһыппыт Раиса Захарова сөбүлээн ыллыыра. Бу ырыа саха киһитин дууһатын туппута. Биир чаҕылхай талааннаах уолбут В.Н.Титов төрөөбүт айылҕатыттан кэрэни көрдөһө уонна ол кэрэни көрдүү сылдьан эмискэ суох буолбута.

Киһи буолан бу сиргэ

Кэлбит үтүө айылгым

Кэрэлэрэ эн бааргын дии-

Кэрэҕиттэн бэлэхтээ.

Кэмнэммэтэх дьолунан

Кэнэҕэски ыччаппар

Кэпсэл гына сылдьыахпын

Кэрэҕиттэн бэлэхтээ!

Түмүкпэр этиэм этэ, В.Н.Титов үс жанрга үһүөннэригэр тахсыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээн испитэ арылхайдык көстөр. Өссө хаһыакка суруйбут араас ыстатыйаларын, уочаркаларын эбэн кэбис. Чахчы талааннаах буолан бачча элбэҕи айдаҕа, суруйдаҕа дии. Арай, уһуннук олорбут буоллун, төһөлөөх айымньы суруллуо этэй? Чахчы, улахан талаан олохтон эрдэ барбыта олус хомолтолоох. Ааҕааччы бэйэтэ хайдах өйдүүрүнэн сыаналыыр, ылынар.

          Билиҥҥитэ суруйааччылар, литэрэтииринэй кириитиктэр, тыл үөрэхтээхтэрэ В.Н. Титов айымньыларыгар анаан биир да ырытыы, суруйуу суох курдук. Арай, биһиги биир дойдулаахпыт философскай наука дуоктара В.Д. Михайлов аҕыйах кэпсээннэригэр, сэһэнигэр бэйэтин санаатын, көрүүтүн суруйбута баар.

          В.Н.Титов сырдык аатын үйэтитэр туһугар туох эрэ сүбэни, толкуйу булуохха баар. Бары түмсэн, сүбэлэһэн үлэлээтэхпитинэ кыаллыа дии саныыбын. Кэлэр 90 сааһын туолар үбүлүөйүгэр улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытары ситиһиэххэ. Ону эрдэттэн былааннаан үлэни ыытыахха, саҕалыахха.