
Ыам ыйын 25 күнүгэр Далырдаа5ы олохтоох библиотека5а “Книжный фримаркет” диэн бэйэ бэйэни кытары кинигэ атастаҺыы күнэ буолан ааста. Бүгүн кыттыыны ылбыт дьоммутугар Иванова Вера Саввична5а, Николаева Варвара Алексеевна5а, Еремисова Татьяна Никитична5а, Павлов Егор Егоровичка улахан махталбытын тиэрдэбит! Олус үчүгэй кинигэлэри дьиэтээ5и библиотекаларыттан илдьэ кэлэн бэйэ бэйэлэриниин атастаҺан, ону таҺынан библиотека5а, бар дьон аа5арыгар анаан бэлэх ууннулар! Улахан махтал! Инникитин маннык тэрээҺиҥҥэ өссе элбэх аа5ааччы кэлиэ диэн эрэнэбит!🤗





