1 миэстэ – Тимофеева Розалия Ивановна (15 баал)
2 миэстэ – Степанова Людмила Васильевна (14 баал)
3 миэстэ – Семенова Наталья Прокопьевна (12 баал)
Сөптөөх эппиэттэр:
- Сүһүөҕэ суох сүүрэр, атаҕа суох хаамар баар үһү (күн)
- Күҥҥэ биирдэ көстөн ааһар хара дьааһык баар үһү (түүн)
- Орто дойдуга, тыынар дууһаҕа туох да аһара минньигэс баар үһү (уу)
- Туохтааҕар да күүстээх баар үһү (өй)
- Түргэнтэн түргэн баар үһү (санаа)
- Сырдыктан сырдык баар үһү (харах)
- Туохтааҕар да сымнаҕас баар үһү (илии)
- Аан дойдуга туохтааҕар да күүстээх баар үһү (үөрэх)
- Сонуну сонугар илдьэ сылдьар баар үһү (хаһыат)
- Сүппэхт мэҥ баар үһү (киһи аата)
- Саҥарбат да, бириэмэни билэр баар үһү (чаһы)
- Кэлтэгэй балаҕаҥҥа көмүс ыаҕайа ыйанан турар үһү (ытарҕа)
- Муус иһигэр киһи хамсыыр үһү (сиэркилэ)
- Маҥан да хаар буолбатах, убаҕас да уу буолбатах (үүт)
- Соҕотох харахтаах да буоллар, соҕуруу дойдуттан кэлэр баар үһү (иннэ)