“Учуутал уонна үөрэнээччилэр” оонньуу-күрэх

Бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр, Далыр олохтоох бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Россия үрдүнэн ???“Библионочь2023” ??? акция иһинэн, Россияҕа библиотека күнүнэн, Россия үрдүнэн “Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит” ??‍???‍?сылыгар, “Читаем все” ??? республиканскай фестиваль иһинэн, 5-с сетевой республиканскай #СилаКниги ??? акция чэрчитинэн “Учуутал уонна үөрэнээччилэр” ??‍?????оонньуу күрэх буолла. Күрэххэ 2 хамаанда, о.э. 1 кылаас оҕолоро Егорова Алиса, Прокопьев Чаҕыл, учууталлара Надежда Николаевна уонна 2 кылаас үөрэнээччилэрэ Токоемова Нарыйаана, Данилов Эрсан, учууталларын Александра Владимировнаны кытта кэлэн кытыннылар.

Оонньуу-күрэх 6 түһүмэхтэн турда, ол курдук хамаанданы билиһиннэрии, таабырын таайыы, өс хоһооннорун ситэрии, персонажтарынан остуоруйа ааҕыы, мүнүүтэҕэ сахалыы кэпсээни ааҕыы, хартыынаны (пазл) оҥоруу буолла.

Күрэх түмүгүнэн 1 кылаас хамаандата кыайыылаах таҕыста ???. 2 кылаас хамаандата олус кыра очукуонан хаалан 2 миэстэ буоллулар.

Кэлэн кыттыбыт кылаастарга Добун суруктары уонна сэмэй бэлэхтэри туттардыбыт. Кэлэн кыттыбыккытыгар махтанабыт, өрүү көхтөөх буоларгытыгар баҕарабын! Үлэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиини, табыллыыны, кытаанах доруобуйаны ??????