«ҮРҮҤ ТУНАХ ЫҺЫАХ» ЫҺЫАХХА АНАЛЛААХ ХОҺООННОР

ЫҺЫАХ КЭЛИИТЭ

Күөх солко саҥалыы суугунуур,

Тыа-ойуур сиигинэн бүрүллэр,

Хочо халадаай байбарыланар,

Мыраан хаһыаччыга оһуорданар.

Үрүҥ көмүс сүүрүктэр –

Илин кэбиһэр утаҕа буолан,

Кылыгыр-кылыгыр тыастара

Кэҕэлиин тэҥҥэ кыттыста.

Үрүҥ күн – бастыҥа халлаан

Күлүм чаҕыла буолан,

Айыылары кытта ситиммит

Айылгытын санатта.

Орто дойдуга ыһыах күнэ –

Барыны симии сатыылыыр.

Дьол чороонун үрдүн охторо,

Ыраах этиҥ этэрэ иһиллэр.

Төрүөтэ: // Каженкин Р.Н., Үс кустук: хоһооннор,

– Дьокуускай: Бичик, 2018. – с.16

ЫҺЫАХХА ЫҤЫРЫЫ

Чэйиҥ эрэ, сэгэрдэр,

Кырдьаҕастар-эдэрдэр –

Бары манна кэлбиттэр,

Күргүөм көххө кыттыахха –

Көрүлүөххэ-күннүөххэ

Көҥүл-дэлгэм ыһыахха!

Күүһү-уоҕу эбиэххэ,

Кыынньар кымыс иһиэххэ,

Үөлүллүбүт эт сиэххэ,

Тото-хана аһыахха –

Көрүлүөххэ-күннүөххэ

Көҥүл-дэлгэм ыһыахха!

Оһуокайдаан ойуохха,

Көрү-нары онуоха

Көҕүлүттэн тутуохха,

Ыллаан-туойан ылыахха –

Көрүлүөххэ-күннүөххэ

Көҥүл-дэлгэм ыһыахха!

Инникигэ эрэли,

Үчүгэйи, кэрэни,

Үөрэр-көтөр мичили

Тула ыһа сылдьыахха –

Көрүлүөххэ-күннүөххэ

Көҥүл-дэлгэм ыһыахха!

Төрүөтэ: // Руфов, С.Т., Талыллыбыт айымньылар, – Дьокуускай: Бичик, 2017. – с.157

ЭҺИЭКЭЙ

Сулустартан эҥээрийэн

Дьикти дорҕоон сиргэ түһэр,

Саха таптыыр эһиэкэйэ

Саҕаланар нуурал киэһэ.

Аалай солко былаат баанан

Эһиэкэйдии сарыал кэлэр,

Кэлэллэр ыҥырсыһан

Аар алаастар, улуу күөллэр.

Оҕуруолаах этэрбэһин

Кэтэн, кэлэр онно кустук,

Өстөөххүнүүн иллэһэҕин

Эһиэкэйдиир чааска куруук.

Эһиэкэйгэ киирээт, кэрэ

Кыыс таҥара тэҥэ буолар,

Бэл оҕонньор нүксүгүрэ

Эһиэкэйгэ көнөн хаалар.

Эһиэкэйдиир уоттаах үөрүү,

Эһиэкэйдиир сылаас алгыс,

Көтөр чэгиэн бүгүҥҥүлүүн

Муударай да былыргы.

Саха өлбөт эһиэкэйин

Үтүө тыынын иҥэринэннэр

Сырдыктар диэн сэрэйэбин

Эһиэкэйдээх сааскы түүннэр.

Уон аҕыстаах уолан сааһым

Түүнү быһа эһиэкэйдиир,

Мин маҥнайгы тапталым

Миигин онно күүтэр мэлдьи.

Сир үрдүгэр хаан уруулуу

Эһиэкэй суоҕа буоллар,

Төрөөбүппүн мин улуу

Дьолум диэм суох этэ, баҕар…

Төрүөтэ: // Иван Гоголев, Өксөкүлээх сэргэ. Хоһооннор,

– Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979. – с.241

ЫҺЫАХ

Көрдөөх ыһыах күн бары

Сир түбүгүн умнабын,

Тыһыынча сыл тухары

Мин ыһыахха барабын.

Ыҥыырдыыбын саҥа ыйы,

Кустугунан үүннээммин,

Түһүлгэҕэ тиийэн, айыы

Өбүгэлэрбэр сүгүрүйэбин.

Бытыктара – үрүҥ чараҥ…

Ааспыт кэм аас алааһыттан

Кэлбиттэр чуор долгураҥ

Хомус тыаһа арыалдьыттанан.

Ол күн күнтэн ураты,

Чохчоохойдуур онно чороон,

Онно остуол ырыатын

Кымыс ыллыыр оллоонноон.

Куустуһар ытык-мааны

Дьоннуун онно олоҥхо,

Хас уол онно – Манчаары,

Туйаарыма – хас кыыс онно.

Туура тэбэр сулустары

Ааттаах ат түөрт туйаҕынан,

Сиэлинэн тыал оонньуур нарын

Кырыымпа кыла гынан.

Ол күн кэрэ туох барыта,

Баай тайҕаны мөҥүөнүнэн

Хоту кыраай дууһата

Таһымныыр ол күн үөрэн.

Ол ыһыахха сырыт да

Үйэ сууллуо санныгыттан…

Мин үөрэбин ыҥырыллыбатах

Ыалдьыт онно буолбатахпыттан.

Төрүөтэ: // Иван Гоголев, Өксөкүлээх сэргэ. Хоһооннор,

– Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979. – с.243

БҮГҮН – ОҔО ЫҺЫАҔА

Саха омук сиригэр

Сайын тиийэн кээлтигэр

Күөрэгэйбит ыллаата,

Кэҕэ этэн чоргуйда.

Оһуо-оһуо оһуокай,

Оһуокайдыыр оһуокай!

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй!

Бүгүн – оҕо ыһыаҕа,

Бүгүн – үөрүү ыһыаҕа,

Оҕо-оҕо ыһыаҕа,

Оҕо-аймах ыһыаҕа!

Ээ-Эһиэкэй! Эһиэкэй!

Оо-Оһуокай! Оһуокай!

Ээ-Эһиэкэй! Эһиэкэй!

Оо-Оһуокай! Оһуокай!

Сибэккинэн симэммит

Сирбит-уоппут киэркэйбит.

Мутукчалаах ойуурбут

Муҥутаабыт, тупсубут.

Саламалар ыйаммыт

Сэргэлэрин таһыгар

Төгүрүйэ хаамабыт

Төрөппүттэр, оҕолор.

Өбүгэлэрбит саҕаттан

Үгэстэри толорон,

Улуу Тунах ыһыаҕы

Уруйдуубут, алгыыбыт!

Төрүөтэ: // Петр Одорусов, Сахалыы саҥарабыт,

– Дьокуускай: “Ситим” ЧИФ, 1994. – с.13

ЫҺЫАХ КҮН

Күһүн буолбатах – сайын сандаарара.

Ыһыах күнүн көрө-нара долгуйара.

Чуумпу киэһэ буолбуттааҕын мэлдьэһэрдии

Тула Сунтаар оһуокайа дуорайара.

Осутол уҥуор – олох уҥуор олорордуу

Эн биһикки баар этибит эмиэ онно.

Остуол уҥуор – өрүс уҥуор одуулуурдуу

Туман нөҥүө курдук этэ көрсүһүү.

… Ити эйигин мин таптаабытым,

Эн хараххар сэргэтиэхпин баҕарбытым,

Биир түгэни уһатаммын минньиппитим,

Ити мин эйигин таптаабытым?

Дьылҕа нөҥүө таптал да далаһата

Алҕас миигин эн кытылгар туораппата,

Ыһыах күнүн ытык да таҥарата

“Дьол кымыһын” эн биһиэхэ амсаппата.

Сайын буолбатах – күһүн көһүтүөҕэ.

Чуумпу эрэ түһүлгэҕэ бүрүүкүөҕэ.

Сүрэх дьолун суохтаан өрө кутаалана

Тиһэх таптал сэбирдэххэ саһарыаҕа.

Төрүөтэ: // Михалева Н.В. – Сайа, Кистэлэҥ халлааным Айыыта: хоһооннор,

– Дьокуускай: Бичик, 2006. – с.49

КЫМЫС

Саха дьоно кымыс аһы

Сах саҕаттан өрө тутан

Киһи буолан кииллийбитэ,

Саха буолан сандаарбыта.

Өбүгэ аһын күн бүгүн

Өлбөт мэҥэ ууга тэҥнии

Өрүһүйэн иһэр буоллар

Өрүһүлтэ буолуо этэ.

Сэллик ыарыыта бүгүн да

Сэллээбэккэ муҥнуур эбит.

Ситэн сиэҕин кымыс бэрдэ

Сирилэччи сиксийтэлиир.

Саамал кымыс сарыал тэҥэ

Саҥа күҥҥэ күүһү эбэр,

Сардаҥалаах аартыктарга

Саҕахтары арыйтарар.

Сарсыҥҥы күнү санааммыт,

Өйүүҥҥү күнү өйдөөммүт

Саргыбытын тупсарыаҕыҥ,

Өлбөт-сүппэт өргөстүөҕүҥ.

Төрүөтэ: // Васильева Л.Т., Дьоһуннаахтык чуопчаарыах: (хоһооннор, кэпсээннэр),

– Дьокуускай: Дани-Алмас, 2020. – с.38

ЫҺЫАХ КҮНЭ

Ыалдьыт-хоноһо тоҕуоруста

Улуу Туймаада хочотугар.

Мунньах, көр-нар турда,

Күөстүү бидилийэ оргуйда.

Хомус аптаах музыката

Сүргэбитин көтөхтө.

Саха сирэ барыта

Кыаҕын көрүнэр, дьон сөхтө.

Ыалдьыт дьону умсугутар

Саха мааны ыһыаҕа.

Ыалдьытымсах сахалар

Харыс үрдүүр курдуктар.

Доҕордоһуу ыһыаҕа

Барыбытын бииргэ түмэр,

Ыраах-чугас ыалдьыттыаҕа,

Араас тыллаах үҥкүүлэһэр.

Сайда турдун Сахам сирэ,

Оһуокайбыт ньиргийдин!

Сахам сирин үтүө үгэһэ

Аар саарга билиннин!

Төрүөтэ: // Кривошапкин А.В., Аал уотум иннигэр: хоһооннор,

– Дьокуускай: Бичик, 2012. – с.90

ОҺУОХАЙ

Татьяна Томская – Тая Томская

Чугас-чугас тураммыт,

Илии-илии ылсаммыт,

Тэҥҥэ-тэҥҥэ хардыылаан,

Бииргэ-бииргэ тыын ылан,

Бастаан бытаан соҕустук,

Онтон тиллэн, күүһүрэн,

Сайын кэлбит үөрүүтүн,

Бары тэҥҥэ үллэстэн,

Күн эргиирин хатылаан,

Айар тылы баһылаан,

Эһиэкэйдээн этэбит,

Оһуохайдаан эрэбит.

Оһуон оһуон оһуохай,

Эһиэн эһиэн эһиэкэй,

Оһуохайдыыр оһуохай,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй.

Кыһыннары мустубут

Сылаабытын киэр кыйдаан,

Эрэлбитин үксэтэ

Тэтиммитин элбэтэн,

Саҥа олох дьолун түстүү,

Ойон-тэбэн, оһуор үктээн,

Былыргыттан билиҥҥигэ

Оһорбокко, сүтэрбэккэ,

Уруккуттан аныгыга

Быстыбакка бүппэккэ,

Эһиэкэйдээн этэбит,

Оһуохайдаан эрэбит.

Оһуон оһуон оһуохай,

Эһиэн эһиэн эһиэкэй,

Оһуохайдыыр оһуохай,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй.

Төрүөтэ: // Хоһооннорум – мин олоҕум!,

– Изд. Дом «Альянс» ООО «САХА – Инновации», 2015. – с.90