Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ

Алтынньы 4 күнүгэр Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Семенова Антонина Петровна, кэлэн ыалдьыттаан, хамаанданан күрэхтэһэн бардылар. Ону таһынан Далыр орто оскуолата 110 сааһын туолар Үбүлүөйдээх сылынан, “110 Үтүө дьыала” чэрчитинэн нэһилиэк библиотекатыгар кинигэ бэлэх ууннулар! Библиотека аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит!