Сэтинньи 30 күнэ “Хомус күнэ”

Саха хомуhун туhунан бастакы бэлиэтээhиннэр  19 уйэ анаарыгар нуучча айанньыттарын, чинчийээччилэрин улэлэригэр бааллар. Н.Щукин, Р.Маак, академик Миддендорф, Иохельсон, В. Серощевскай, В. Трощанскай, Э.К. Пекарскай, И. Черскэй, В. Шкловскай уонна да атыттар бэйэлэрин этнографическай улэлэригэр ахтыбыттара.      Ол курдук Иван Алексеевич Худяков «Краткое описание Верхоянского округа…..» кылгас хомуурунньугар сахаларга мас уонна муос хомус баарын, хомуска элбэх буолан оонньооhун  туhунан суруйбута. Онтон В. Л. Серощевскай «Якуты» монографиятыгар сахаларга кырыымпа, хомус баарын туһунан суруйан хаалларбыттар.

Хомус диэн музыкальнай инструмент. Бу саха эрэ норуотугар буолбакка, бары норуокка үгүстүк тар5аммыт тэрил буолар.   Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут омук суох. Саха хомуһа тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар. Кини ураты оноьуутугар, матырыйаалыгар, форматыгар бол5омто ууруллар.

Варган – итэ5эл ураты көстүүтүттэн үөскээбит музыкальнай инструмент буолар. Бу өйдөбүлү 1996 сыллаахха дьоппуон омук  виртуоз-хомусчута Лео Тадагава биэрбитэ. Варган латыын уонна былыргы грек тылыттан үөскээбит диэн быһаараллар. 

Хас биирдии норуокка хомус туспа айылгылаах. Холобур, японияҕа сиэр-туом толоруутугар туттуллар, үксүгэр ойуун кыырарыгар сурун суолтаны ылар эбит.

Орто үйэлэр кэмнэригэр Европаҕа хомуска үксүн эр дьон тапталга билиниилэригэр тутталлар эбит. Бу музыкальнай тэрили аан маҥнайгыннан Австрияҕа айбыттар. Хомуһу «маультроммель» диэн ааттыыллара 

Онтон биһиги сахабыт хомуһа олох уустугун, дьайын-дьаһаҕын барытын ньылбы ыраастыыр аналлаах, айар-тутар оҥоһуулаах, сырдыкка-кэрэҕэ таһаарар.

Хомус тоҕо айыллыбытын, аналын туһунан А.Е.Кулаковскай хоһооно
ХОМУС

Айыҥат хаан аймаҕа
Аан ийэ дайдыны
Айар күнүгэр,
Икки атахтааҕы
Ийэ сиргэ
Кэскиллиир күнүгэр,
Урааҥхай дьону
Орто дойдуга
Олохтуур күнүгэр,
Хохуоралаах тыллаах.
Хоҥкунас тыастаах,
Холобура суох хоһоонноох
Хомус барахсаны
Хомуһуннаан айбыта үһү.
Ол кэннэ таҥхалаабыта үһү
Ол курдук диэн:
«Бэрт тимиринэн бэйэлээтим,
Сүдү тимиринэн сүрүннээтим,
Сыыйыы тимиринэн сыҥаахтаатым,
Дьикти тимиринэн тиэрбэстээтим,
Тыйыс тимиринэн тыллаатым.