“Ахтан санаан ааһыахха…”

2024 сыл “Дьиэ кэргэн” сылынан биллэриллибитинэн Далыр нэһилиэгэр тохсунньу 23 күнүгэр “Ахтан санаан ааһыахха…” диэн тиэмэлээх төгүрүк остуол тула сэһэргэһии буолан ааста.

Саха дьоно буоларбыт быһыытынан тэрээһиммит бастакы чааһыгар “Аар айыы итэҕэлэ Кут-сүр туһунан үөрэҕин” олус үчүгэйдик, судургутук Хоро нэһилиэгин олохтооҕо Степанова Александра Ивановна бэйэтэ өр сылларга ааҕан, үөрэтэн көрүүтүн кэпсээтэ.

Киһиэхэ Кут – сүр оруола иитиллиитэ ураты улахан өйдөбүллээх уонна суолталаах. Кут – сүр диэн киһи бүүс бүтүннүүтэ барыта буолар. кут – сүр диэн сахалыы былыргы философскай өйдөбүл, чахчы киһи итэҕэйиэн курдук чуолкай уонна үрдүк өйдөбүллэрдээх.

Төгүрүк остуолбут иккис чааһыгар хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн – ууһун билэрэ, үөрэтэрэ өбүгэтин иннигэр ытык иэьэ буолар. Төрүччүнү кытта ыал биир саамай үтүө үгэһэ – удьуор утума. Ол аата үтүөнү, кэскиллээҕи көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн, тиэрдэн иһии. Онон сиэттэрэн ааспыт кэм хаартыскаларын, альбомнары аҕалан көрүү буолла.

Далыр орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Семенова Надежда Николаевна бэйэтин төрүччүтүн оноро, үөрэтэ сылдьарын олус интэриэһинэйдик көрдөрдө, кэпсээтэ.

Түмүккэ Далыр нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Морфунова Матрена Тихоновна сахалыы остуол оонньууларын оонньотон сүргэбитин көтөхтө.

Кэлэн кыттыыны ылбыт бары дьоммутугар улахан махталбытын биллэрэбит!