Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук – бичик күнүгэр анаан “Кыраһыабай буочар” куонкурус түмүгэ

Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга – чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн, олунньу 13 күнэ  төрөөбүт тыл уонна сурук – бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаһал Саха Республикатын бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сылаахха олохтоммута.

Далыр нэһилиэгин олохтоохторугар куйаар ситиминэн олунньу 6 – 11 күннэригэр “Кыраьыабай буочар” күрэх буолан ааста. Күрэх балаһыанньатынан бэриллибит сахалыы тиэкиһи кыраьыабай буочарынанан устан ылыы. Уопсайа 18 киһи кыттыыны ылла. Түмүк кыттааччылар төрөөбүт сылларынан наарданан таҕыста. Ол курдук:

1930-1939сс – Далыр нэһилиэгин аҕам саастаах бочуоттаах олохтооҕо Николаев Игнат Алексеевич 1 миэстэ

1950 – 1959сс. – (эр дьоҥҥо) 1 миэстэ Павлов Егор Егорович
1 миэстэ – Акимов Анатолий Васильевич
2 миэстэ Акимов Василий Николаевич

(Кэрэ куоларга)

1 миэстэ – Моекова Эмина Викторовна

2 миэстэ – Семенова Раиса Никитична

1970- 1979 сс. – 1 миэстэ – Деллохова Ирина Николаевна

1960 – 1969 сс. – (эр дьоҥҥо) 1 миэстэ – Филиппов Роман Васильевич

1 миэстэ – Степанов Владимир Степанович

(Кэрэ куоларга)

1 миэстэ – Поскачина Татьяна Павловна

1 миэстэ – Егорова Екатерина Петровна

1 миэстэ – Ковлекова Евдокия Николаевна

2 миэстэ – Ильина Валентина Капитоновна

1980-1989 сс. – 1 миэстэ – Герасимова Мария Анатольевна

1 миэстэ – Морфунова Ирина Васильевна

1 миэстэ –Семенова Розалия Васильевна

2 миэстэ – Федотова Сардана Владимировна

1990-1999 сс. – 1 миэстэ Саввинов Александр Богратионович.

Бары кыттыбыт кыттааччылар чахчы да кыраһыабай буочардаахтарын сөҕө – махтайа көрдүбүт.

Кыттыыны ылбыт күндү дьоммутугар олохтоох сынньалаҥ киин уонна бибилэтиэкэ аатыттан МАХТАЛБЫТЫН тиэрдэбит!

Баҕарабыт Саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, өрүү сырдык халлааны, санаабыккыт сатана турдун!