
Григорий Илларионович Поскачин (1914-1943) Үөһээ Бүлүү улууһун бастакы суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха суруйааччыларын конференциятын делегата (1935 с.), тыл үөрэхтэрин конференциятын делегата (1934 с.)
Григорий Илларионович Поскачин 1914 сыл кулун тутар 2 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Оноҕоччут нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. 1934 сыллаахха Бүлүүтээҕи педагогическай техникуму бүтэрэн, Боотулуу оскуолатыгар учууталлаабыта. онтон түөрт сыл Дьокуускай куоракка национальнай оскуолаҕа, педтехникумна учууталлаабыта. 1936 с. ахсынньытыттан 1938 с., балаҕан ыйыгар хаайыллыар диэри Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар уус – уран литература отделыгар эрэдээктэрдээбитэ. бастакы хоһоонун, Григорий Поскачин, 19 саастааҕар Боотулууга суруйбута. үөрэнэ сылдьан, Бүлүү куоратынааҕы “Кыайыы кыымнара” диэн ааттаан, куруһуок иитиллээччилэрин хоһоонноруттан хомуурунньугу Саха государственнай издательствотыгар бэчээттээн таһаартараллар. Бу хомуурунньукка Григорий Поскачин икки хоһооно: “Ударник Комсомол”, “Ыллыам” киирбиттэр. Саха государственнай издательствотыгар эрэдээктэринэн үлэлиир кэмигэр элбэх суруйааччылар кинигэлэрин көрөн – истэн, редакциялаан таһаарбыта. григорий Поскачин хоһоонноро, ыстатыйалара “Бэлэм буол”, “Эдэр большевик”, “Кыым” хаһыаттарга, ону таһынан “Саас сардаҥата”, “Кыайыыга”, “Уус уран литература” диэн эдэр суруйааччылар хомуурунньуктарыгар бэчээттэммиттэрэ.
Хоһоонун бастакы кинигэтэ 1935 с. “Айылҕа уһуктуута” диэн ааттанан Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыта. 1938 с. Г.Поскачин ССРС Суруйааччыларын союһугар чилиэнинэн ылыллыбыта.Эмиэ ити сыл күһүнүгэр Григорий Поскачины буржуазнай, националистическай тэрилтэҕэ туран, куорҕаллыыр үлэни ыыппыт диэн буруйдаабыттара. Кэлин ааһынан, РСФСР Үрдүкү Суутун кэллиэгийэтин 1939 с. ахсынньы 23 күнүгэр быһаарыытынан Г.И.Поскачин холуобунай дьыалата тохтотуллубута. Григорий Поскачин, көҥүлгэ тахсан баран, төһө да хаайыы содулуттан доруобуйата мөлтөөтөр, дойдутугар Боотулууга, Үөһээ Бүлүүгэ кылгас кэмҥэ учууталлаабыта. 1943 с 29 сааһын ситэ туолбакка сылдьан, Григорий Илларионович Поскачин сэлликтээн өлбүтэ. Василий Сивцев 1994 с. поэт үтүө аатын үйэтитэр сыалтан, Г.Поскачин отутус сылларга Москубаҕа тахсыбыт хоһооннорун кинигэлэрин хомуйан оҥорбуттара: Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын үтүөлээх үлэһитэ, биологическай наука доктора Г.Н. Саввинов, саха народнай поэта В.Т. Сивцев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Н.В. Тюпина.


