Үҥкүүлүөх
Үҥкүүлүөх таптал үҥкүүтүн,
Кыыдамныыр хаарга эргийэ,
Үрүҥ туллуктуу элиэтээн,
Үҥкүүлүөх эбээт тэлээрэн.
Сулустаах халлаан анныгар,
Турабыт иккиэн кытылга,
Симиктик сипсийэн эппитиҥ,
Сиэтиһэн хаамсыах диэбитиҥ.
Эппит тылгын ылынан,
Эппэйбит сүрэхпэр уйдаран,
Хаамса түспүтүҥ кылгастык,
Кумахтаах кытыл устунан.
Үҥкүүлүөх таптал үҥкүүтүн,
Сааскы нуурал киэһэҕэ,
Үрүҥ түүнү атаара,
Көрсүһүөх тахсар күммүтүн.
Туола Тарбыанап.