
Тохсунньу 27 кунуттэн 30 кунугэр диэри Далырбыт нэьилиэгэр Уеьээ Булуу улууьун киин балыыьатын сэрэтэр кабинетын лектора, ЛФК инструктора, массажист Алексеева Светлана Тимофеевна кэлэн олус таьаарыылаахтык улэлээн барда. Светлана Тимофеевна бу куннэр устата тэрилтэлэринэн кэрийэ сылдьан араас элбэх субэлэри, доруобуйа туьунан бэсиэдэлэри аа5ан, биирдиилээн дьону массажтаан, эмтээн, сэргэхситэн барда. Хас биирдии ыытар бэсиэдэтэ олус туьалаах, араас элбэх эрчиллиилэри кердерен, уерэтэн элбэх дьон туьаныа диэн эрэнэбит. Ону таьынан, Светлана Тимофеевна кердеьуубутун ылынан улэ чааьын кэнниттэн “йога” курдук уустук керун бастакы хардыыларыгар уерэтэн, уеруубут мунура суох. Улууспутугар Светлана Тимофеевна курдук киэн билиилээх, энтузиаст быраастар баалларыттан киэн туттабыт!
Ба5арыа этибит улэ5эр ессе урдук ситиьиилэри, чэгиэн доруобуйаны, тус олоххор бары учугэйи!
















