Аан дойдутааҕы Үрүҥ торуоска уонна хараҕынан көрбөт дьоҥҥо аналлаах аахсыйа чэрчитинэн Далыр нэһилиэгэр буолбут тэрээһиннэр

Алтынньы 15 күнүттэн, сэтинньи 15 күнүгэр диэри Аан дойдутааҕы Үрүҥ торуоска күнүгэр уонна хараҕынан көрбөт дьоҥҥо аналлаах аахсыйа буолан ааста. Бу акция хараҕынан мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо болҕомто, кинилэр кыһалҕаларыгар күүс – көмө буоларга ыҥырар.

Ол курдук Далыр орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр “МИР ЕДИН” диэн видеоурок буолан ааста. Оҕолорго харахтарынан мөлтөх уонна көрбөт дьон күннээҕи олохторугар көрсөр араас кыһалҕаларын туһунан сырдатылынна. Кинилэртэн аан дойдуга биллэр улахан композитордар, суруналыыстар, бөлөһүөктэр уонна фотографтар тахсыбыттарын биллилэр.

Биир суолталаах тэрээһининэн буолла Далыр нэһилиэгин поэта, “Ситим” көҥүл суруйааччылар сойууһун чилиэнэ Илларионов Анатолий Иванович – Туола Тарбыанап оскуолаҕа оҕолоругар анаан хоһоон суруйуутугар маастар кылаас ыытта. Анатолий Иванович Илларионов Анатолий Иванович – Туола Тарбыанап 1964 сыллаахха, ахсынньы 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун, Далыр нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, сварщик идэтин баһылаан, төрөөбүт үөскээбит сиригэр, Далырыгар ОДьКХ 30 сыл слесарь – сварщигынан үлэлээбитэ. 2017 сылтан саҕалаан хоһоон суруйан саҕалаабыта, 2020 сыллаахха ыалдьан икки хараҕынан көрбөт буолбута. Кэлиҥҥи кэмҥэ хоһоон айарын тапталлаах кэргэнэ, олоҕун аргыһа Татьяна Павловна сурукка тиһэн көмөлөһөр.

Тэрээһин олус көхтөөхтук, умсугутуулаахтык ааста. Оҕолор сурдээҕин интэриэһиргээн иһиттилэр, ону таһынан Далыр орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала Семенова Надежда Николаевна кэлэн, тэрээһиммитин өссө киэргэттэ, бэйэтин билиитин үллэһиннэ. Оҕолор Анатолий Иванович кэпсиирин, кини суруйбут хоһооннорун истэн баран, тута бэйэлэрэ талбыт темаларыгар хоһоон айдылар.

Мин эбээлээх эһээм,

Элбэххэ кытталлар

Араас араас сиринэн

Тэлэһийэ көтөллөр. Семенова Кристина, 4 кылаас

АҔА

Аҕа диэн бастакы тыл

Аҕа диэн күүс

Аҕа диэн уус,

Аҕа диэн төрөппүт,

Аҕа диэн таптал.

Аҕата суох ким да

Бу сиргэ олоруо суохтаах

Кини илиитэ сып- сылаас

Мин аҕам миигин таптаан

Чыычаах диэн ааттыыр. Иванова Сайнаара, 4 кылаас

Эбэм иистнньэҥ

Тикпит таҥаһа ичигэс,

Астаабыт аһа минньигэс

Кыһыл көмүс илиилээх. Федотов Арылхан, 4 кылаас.

Анатолий Иванович талааннаах оҕолор баалларын бэлиэтээн, салгыы маннык куруһуок тэрийиэххэ диэн көҕүлээн, саҥа айар куруһуок үлэтин саҕалаата. Оҕолор дьиэлэригэр “Хаар” туһунан хоһоон айан кэлэр сорудахтаах дьиэлээтилэр.

Анатолий Ивановичка олохтоох библиотека аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит!