Тохсунньу 23 күнэ Аан дойдутааҕы илиинэн суруйуу БУОЧАР күнэ

Тохсунньу 23 күнүгэр Аан дойдутааҕы илиинэн суруйуу Буочар күнүгэр Далырдааҕы олохтоох библиотека уонна сынньалаҥ киинэ “Кыраһыабай буочар” диэн бэлэм тиэкиһи кыраһыабай буочарынан суруйуу күрэҕин куйаар ситимин нөҥүө ыыттылар.

Күрэххэ уопсайа 14 кыттааччы кытынна, ол иһигэр 3 оскуола оҕото.

Ломпордурова Варвара Николаевна

Горохова Мария Никитична

Габышева Галина Степановна

Моекова Эмина Викторовна

Попова Федора Степановна

Евсеева Айна – 8 кылаас үөрэнээччитэ

Илларионова Надежда Петровна

Илларионова Татьяна Павловна

Илларионов Александр Анатольевич

Алексеева Галина Пудовна

Тараканов Маркел – 3 кылаас үөрэнээччитэ

Ласточкина Алина – 8 кылаас үөрэнээччитэ

Федотова Саргылана Викторовна

Павлов Егор Егорович

Бырааһынньык сүрүн соруга-каллиграфическай буочар искусствотын тилиннэрии. Айааччылар компьютернай тэриллэри туттууттан уопсастыба суругу, докумуоннары илиинэн суруйартан аккаастанарын саҕана буочар суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтиэхтэрин баҕарбыттар.

Ону тэҥэ бу күн илиинэн суруйуу үөрүйэҕин харыстыыр аналлаах. Билиҥҥи кэмҥэ үгүстэр көмпүүтэр технологиялара сайдыбыттарынан уонна илиинэн суруйууга наадыйыы суоҕунан сыыйа-баайа каллиграфическай буочар суолтата сүтээри гынна.

Түмүккэ улахан махталбытын тиэрдиэ этибит бүгүҥҥү күрэхпитигэр кыттыбыт бар дьоммутугар. Баҕарабыт бары үчүгэйи, кытаанах доруобуйаны! Бары үлэлэр олус хаачыстыбалаахтар, кыраһыабайдар. Дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһааран, кыттааччылары Добун суругунан, туоһу суругунан наҕараадалыаҕа.