“ДьөҺөгөй о5отун” уруҺуйугар маастар кылаас

Далыр нэҺилиэгэр тохсунньу 22, 23, 24 күннэригэр бэрт сэргэх, сонун маастар кылаас буолан ааста. ТэрээҺини ыытта өр кэмҥэ Далыр орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбит билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Софронова Лилия Георгиевна. Айыл5аттан бэриллибит уруҺуйдуур талаанын нэҺилиэк олохтоохторун кытта үллэҺиннэ. Кэлбит 2026 сыл символын ДьөҺөгөй о5отун уруҺуйдаатылар. 3 күн устата кэлбит дьон талан ылбыт уруҺуйдарын кырааскалаан, киэргэтэн олус дуоҺуйан, астынан бардылар.

ТэрээҺин үрдүк таҺымҥа

ааста, кэлэр маастар кылаас “Кыталык кыыс” уруҺуйданара былааннанна. Лилия Георгиевна5а улахан махталбытын тиэрдэбит, бары үчүгэйи ба5арабыт!