“Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх”

Олох, кэм – кэрдии күһүҥҥү кус – хаас үөрэ көтөн ааһарын курдук устан баран иһэр. Күһүн кус – хаас үөрэ көтөн ааста да бүттэ айылҕа иһийэ – ньимийэ түһэр. Ол эрэн саас, айылҕа эмиэ тиллэн кус –хаас үөрэ төттөрү үөскээбит түөлбэтигэр төннөн, төрөөн – ууһаан олоҕу салҕаан барар. Син ол тэҥэ “Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх” дииллэринии өбүгэбит өтөҕөр, ытык алаастарыгар биир – эмэ утум ыччат эргиллэн кэлэн өрө тардан, оһох оттон унаар буруо таһааран, өбүгэлэрин алгыһын ыла туруо. Олоҕу утуму салгыа!

1894 сыллаахха сэтинньи ый 2 күнүгэр 1 Үөдүгэйтэн Егор Константинов уонна Евдокия Дмитриевна Филиппова ыал буоланнар Даллыр Иннокентьевскай таҥара дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэр. Кинилэр дьон кэпсииринэн барыта 24-тэ оҕоломмуттар, ол гынан баран оччотооҕу ыарахан олоххо илиилэригэр тутан хаалбыттара ахсааннаах.

1917 сыллааҕы биэрэпискэ Молоҕор аҕатын ууһуттан Кулуһуннаахха олорбут Константинов Лазарь Егорович 22 (1895с.т.), кэргэнэ 18 (1899 с.т.) саастаахтара, хаһаайыстыбаларыгар 4 ынах сүөһүлээхтэрэ, 10 сохсонон 20 куобаҕы бултууллара суруллубут. Оттон 1927 сыллааҕы биэрэпискэ аата уларыйан Уотов Лазарь 36, кэргэнэ Уотова Ирина 36 саастара суруллубут. Дария, Николай, Андрей диэн оҕолору төрөппүттэр. Отов Николай Лазаревич үөрэхтэнэн Хандыгаҕа геологынан үлэлээбит, нуучча кэргэннэнэн кыыс уонна уол оҕоломмуттар, Отова Дария Лазаревна Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр холкуоска дьулуурдаах үлэтэ “1941-1945 сс Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн бэлиэтэммит, Захар диэн уолунаан быраатыгар Николай Лазаревичка Хаандыгаҕа көһөн тиийбиттэр. Захар Мэҥэ – Алдаҥҥа Елена Семеновналыын ыал буоланнар Владимир, Анастасия диэн оҕолордоммуттар. Отов Владимир Захарович кыыстаах уол оҕолордоох, уолуттан сиэннээх. Отова Анастасия Захаровна кыыс, икки уол оҕолордоох, биир кыыс сиэннээх.

1917 сыллааҕы биэрэпискэ Ойбон күөлүгэр олорбут Константинов Егор 50 (1867 с.т.), кэргэнэ 50 (1867 с.т.), уолаттара 15,11 (1902, 1906 с.т.), кыргыттара 9,4 (1908,1913 с.т.) саастаахтара. Оттон 1927 сыллааҕы биэрэпискэ ааттара уларыйан Утов Николай, аҕата Утов Егор, кэргэнэ Утова Евдокия, кыргыттара Утова Анастасия, Утова Анна суруллубуттар.

Онтон салгыы ааттара уларыйан Отов Николай Егорович, ийэтэ Отова Евдокия Дмитриевналыын бииргэ Аскабылга олорон Мэйиктэн Федорова Анастасия Федоровнаны сүгүннэрэн аҕалан, ыал буоланнар барыта 14- тэ оҕоломмуттар, илиилэригэр Захар (1928-1944),  Егор (1931-2019), Варвара (1935-1958), Мария (1933), Иван (1944-1980) оҕолору тутан хаалбыттар.

Отов Николай Егорович холкуоска биригидьиирдээбит, араас үлэҕэ сылдьыбыт, холкуос кыл муҥхатынан муҥхалаан элбэх дьону абыраабыт, сэрии сылларыгар бэйэни харыстамматах үлэтэ “1941-1945сс Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн бэлиэтэммит. Кэргэнэ Анастасия Федоровна да олорон хаалбатах, холкуос ферматыгар ыанньыксыттаан, быыһыгар илии хотуурунан от охсон, эр дьонтон хаалсыбакка уокка оттор маһын ойууртан кэрдинэн, оҕуһунан тиэйэн киллэрэ үһү. Ону таһынан туулаан, куйуурдаан, кэлин илимниир буолан, куска, куобахха сааланан, олох иһин охсуһууну бары ньыматын баһылаан оҕолорун соҕотоҕун кэриэтэ атахтарыгар туруорбут, кэлин сиэннэрин харайсыбыт, үлэ бары көрүҥнэригэр, олоххо бэлэмнээх гына үөрэппит.

Отов Егор Николаевич оскуола кэнниттэн почтаҕа үлэлээбит, Якутскайга школа механизации, сэбиэскэй – партийнай оскуолаҕа, Красноярскайга финансовай техникумҥа үөрэммит, дойдутугар кэлэн биригэдьииринэн, бухгалтерынан, отделениелар управляющайдарынан Оҥхойго, Маҥааска, Дүллүкүгэ, Хороҕо үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” буолбут. Комсомол ветерана, сэбиэскэй – партийнай үлэһит буолан ССКП райкомун бюротун чилиэнэ, оройуон Советын депутата буолбут, уобаластааҕы, республикатааҕы конференцияларга, съестэргэ делегатынан талыллан кыттыыны ылбыт. Кэргэнэ Матрена Семеновна Дүллүкүттэн почтаҕа телефонисткалаабыт, поварынан үлэлээбит. Галина, Григорий, Геннадий, Глафира, Георгий, Герман, Николай, Гульнара диэн оҕолордоохтор. Бу курдук халыҥ, дириҥ историялаах Уотаптар аймахтара өссө да кэҥээн – сайдан этэҥҥэ олороллор. (Аксаков Анатолий Софронович “Далыр нэһилиэгэ VIII” кинигэтиттэн)

Олунньу 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгэр бэрт сэргэх, инникигэ кэскиллээх көрсүһүү – кэпсэтии буолан ааста. Ол курдук Егор Николаевич уонна Матрена Семеновна Отовтар уоллара Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин бочуоттаах мецената, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ас – үөл индустриятын туйгуна, Отов Герман Егорович мунньахтаан, инники былаанын олохтоохтору кытары үллэһиннэ. Көрсүһүү сыалынан – соругунан буолла – “Ыччаттар төрөөбүт алаастарыгар олохсуйуулара Трудовой учаастагын инники сайдыыта, кэскилэ”.  

Сиһилии Герман Егорович этиитин истиэххэйин:

Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, Театр уонна киинэ биллиилээх артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан Саха Академическай театрын биллиилээх артыыһа, М.С.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрбит Зоя Петровна Багынанова Кубалаах диэн сиргэ турбут дьиэтин, урукку кэмнэргэ көһөрөн аҕалан Трудовой учаастагар кулууп дьиэтэ гынан туппут дьиэлэрин билигин реставрациялаан музей оҥорууга былааннанан турар дьиэтэ “Реконструкция дома князя Николая Багынанова, участок Трудовой Далырский наслег”

Бу курдук инникигэ кэскиллээх, кэлэр көлүөнэҕэ суолталаах улахан үлэ былааннаммытынан, хамсааһын баран, олоххо киирэн, улэлиэ диэн эрэлбит улахан.

Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх: Төрөөбүт уйа, төрүт сир хаһан да умнуллубат, ытык өйдөбүл буолан хаалар. олорон ааспыт сири кэриэстээн, аатын аатын ааттаан ааһыахтаахпыт.

Төрүт сири өрүү сыаналаа, утуму умнума. бу тыллар үксүн төрөөбүт дойдуга тапталы уонна ааспыт кэмҥэ ытыктабылы көрдөрөллөр.