

Кулун тутар 10 күнүгэр Далыр нэҺилиэгэр олус ураты, интэриэҺинэй маастар кылаас буолан ааста. Ол курдук бүгүн биҺиэхэ ыаллыы сытар Дуллуку нэьилиэгин олохтоого талагы ыллатар Валерий Гаврильевич Чоросов бэйэтин сатабылын, уонтан тахса сыл дьарыктаммыт дьарыгын талахтан корзина өрүүтүн кистэлэҥин, ньыматын бар дьону кытары үллэҺиннэ. Далыр нэҺилиэгин олохтоохторо эрдэттэн суруттаран, бэлэмнэнэн кэлэн, бэлэм тала5ынан биир күннээх маастар кылааска бары биирдии корзинаны өрөн, үөрэнэн сүрдээ5ин астынан тар5астылар. Ону таҺынан Валерий Гаврильевич соҺуччу бэлэхтээх кэлэн үс киҺи илиитигэр бааттаах буолан биэстии киилэлээх хортуоска илии тутуурдаах бардылар. Валерий Гаврильевич чахчы да тала5ы ыллатар ураты талааннаах эбит. Олохтоохтор олуҺун диэн сө5ө махтайа көрдүбут. Валерий Гаврильевичка Далыр нэҺилиэгин аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. Кытаанах доруобуйаны, бары үчүгэйи ба5арабыт!




















