“ДЬОРУОЙ САРДАҤАТА” аахсыйа

Былырыын, Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, улууспутугар ГЕРОЙДАР күннэрэ төрүттэммитэ. Быйыл иккис сылын бэлиэтэнэр. Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар биһиги улууспут Россия Геройдаммыта. Ол курдук, 2025 сыл от ыйын 21 күнүгэр Алексей Рафаэлович Петров биһиги барыбыт киэн туттуубутугар Россия Геройун үрдүк аатын ылбыта. Билигин Үөһээ Бүлүү улууһа – түөрт ГЕРОЙ дойдута!

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун Геройдара:*
🎖️Кэнтиктэн төрүттээх Советскай Союз Геройа, Аҕа дойду сэриитигэр олоҕун толук уурбут буойун-снайпер Алексей Афанасьевич Миронов.
🎖️Социалистическай Үлэ Геройдара – Туобуйа нэһилиэгин Молотов аатынан колхоз салалтатын бэрэссэдээтэлэ Степан Иннокентьевич Васильев уонна 🎖️колхоз сылгытын ферматын сэбиэдиссэйэ Афанасий Николаевич Саввинов.
🎖️Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, Российскай Федерация Геройа Алексей Рафаэлович Петров.

Далыр нэҺилиэгэр ҮөҺээ Бүлүү улууҺугар, Дьоруойдар күннэрин иитинэн Анал байыаннай дьайыыга А5а дойдуларын көмүскүүр иэстэрин толорон дьоруойдуу өлбүт уолаттарбытын үйэтитэр “Дьоруой Сардаҥата” аахсыйа буолла.

Оскуола улахан кылаас о5олоругар кылаас чааҺа буолла