“Ньургуһунум уйан сүрэхпин долгутта ааспыт тапталы саната” Илларионов А.И. – Туола Тарбыанап хоһоонноро

Ньургуһунум уйан сүрэхпин долгутта,

ааспыт тапталы саната

Ньургуһун сытыгар туймаардым

Уһун унньуктаах кыһын,

Эппин сииммин улугурта

Сааспыт сылааһынан угуттаан,

Ис иэйиибин уһугуннарда.

Биир хаары ууллардым,

 Күөх кырыска үктэнним,

Ньургуһун сытыгар туймаардым,

Кэҕэ саҥатыгар дуоһуйдум.

Ньукуолун диэхпин кэрэгэй,

Күөххэ үктэммит күөрэгэй,

Ньымаат биэрэн көрдөһүөх,

Быйаҥ сайын туһугар.

Сипсиһэр кэпсэтэр курдуккут

Саас аайы күүтэбин,

Ньургуһун быган тахсаргын,

Халдьаайы устун хаамарбын,

Ньургуһун ырыатын истээри.

Чочуйбут эбит айылҕа,

Уус нарын көрүүтүнэн,

Өҥүн дьүһүнүн таппыта,

Киһи кэрэхсии көрөрө.

Сааскы тыалга нуоҕайан,

Сипсиһэн кэпсэтэр курдуккут,

Оргууй сэлэлии сиэтиһэн,

Үрүҥ күнү уруйдуугут.

Быыһык кэмҥэ быгаҥҥын,

Сүргэбин өрө көтөхтүҥ,

Халдьаайы сыыра барыта,

Ньургуһун сытынан тунуйда.

Ньургуһун быган үөрдүөҕэ

Тымныйбыт уораана уҕараан,

Күммүт ылааҥытыйа сылыйда,

Сааскы кэммит кэлэрин,

Аммаҕынан бэлиэтээн биллэрдэ.

Хаар аргыстаах туллуктар,

Сылгы далыгар үөмэхтэһэн,

Саас тойугун туойдулар,

Үөрүү үҥкүүтүн үҥкүүлээтилэр.

Чалбах сүүрүктүү сүүрүгүрэн,

Сотору хаарбытын симэлитиэ,

Халдьаайы харалдьыга тахсыыта,

Ньургуһун быган үөрдүөҕэ.

Ньургуһун

Халыҥ хаарга баттата,

Тыына быара ыгылла,

Уһун кыһынтан сылайа,

Иһийэн сытта нэһирэ.

Айгыр силик айылҕа,

Анаабыт эйиэхэ таҥара,

Халдьаайы сыырын киэргэлэ,               

Ньургуһун үүммүт силэйэ.

Атын эйгэттэн соһуйа,

Тулатын көрүннэ эргиччи,

Уһун моонньун куоҕата,

Үрүҥ күҥҥэ махтанна.

Айылҕа бастакы бэлэҕэ,

Уйан сүрэхпин долгутта,

Ааспыт тапталы саната,

Эдэрбэр эргитиэн баҕарда.

Ньургуһун үүнэрин кэтэһэбин

Хаар уулларын күүтэбин,

Ньургуһун үүнэрин кэтэһэбин.

Сайылыкпар көһөн тиийиэҕим,

Салама иилиэҕим хатыҥмар.

Түптэ буруотун унаардыам,

Сахалыы үгэһи тутуһан,

Алаадьынан айах тутуом,

Ахтылҕаммын таһаарыам.

Сыллааҕы сылаабын тэбэниэм,

Күүс- сэниэ эбиниэм,

Сылаас көлүччэм уутугар,

Чомполоно сөтүөлүөм.

Сайылыгым ыраас салгына,

Сүрэхпин, дууһабын долгутуо.

Нарын ньургуһун быгыаҕа

Күммүт дьылбыт буккуллан

Маҥан хаары үллүктээтэ.

Силлиэ буурҕа аргыстаах

Күөх маайга үктэннибит

Үрүҥ күммүт сардаҥатын

Былыт быыһыгар саһыарда

Ааспыт ый кэрэтин

Инчэҕэй хаарынан суурайда

Айылҕа дьиктитин таайымаҥ

Кэлэр кэмигэр кэлиэҕэ

Күнү дьылы ыксатымаҥ

Сылаас күннэрин бэлэхтиэ

Ыраас күммүт сатыылаан

Ыам ыйбыт кэлиэҕэ

Халдьаайы сыырын үрдүгэр

Нарын ньургуһун  быгыаҕа…

Ньургуһун

Көрөн турдум курустук,

Санааҥ түспүт олустук,

Кэпсээ миэхэ олоххун,

Эгди буолуоҥ оччоҕо.

Ньургуһун кэпсиир симиктик,

Аргыый наллаан холкутук,

Тохтоон ылар быыһыгар,

Тулатын көрөр сэрэнэн.

Тымныы кыһын устата,

Халыҥ хаарга баттата,

Бүттүүн бары иһийэ,

Тулам барыта хараҥа.

Тыйыс дьылҕам тууйуллар,

Тоҥмут буортан хаарыллан,

Быгар кэммин кэтэһэн,

Моруу буолар оо дууһам.

Сотору быгыам эһиэхэ,

Сааскы сытынан тунуйа,

Кэрэбин кэлэн көрөөрүҥ,

Халдьаайы сыырын тэллэҕэр.