Бүтүн Аан дойду үрдүнэн кутурҕан уонна кэриэстэбил күн.

85 сыл анараа өттүгэр, 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр, Фашисткай Германия Сэбиэскэй Сойууска соһуччу саба түһэн, Аҕа дойду уоттаах сэриитэ саҕаламмыта.

Коммунистическай партия норуоттар бука бары биир сомоҕо санааны ылыан, кырыктаах өстөөҕү кыайарга күүһү-уоҕу ууралларыгар ыҥырбыта. Саха сирэ, төһө да ыраах буоллар, ол ыҥырыыга көхтөөх кыттыыны ылбыта. Уонунан тыһыынча сэриилэһэр кыахтаах дьон Ийэ дойдуларын көмүскүү, Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыттара. Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтин бары муннугуттан эйэлээх олох туһугар Ийэ дойдуларын көмүскүү сэрии толоонугар аттаммыттара. Саха сириттэн барыта 62509 киһи, ол иһигэр 418 дьахтар ыҥырыллыбыта биллэр. онтон 26129 киһи дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.

Бу күн Москуба куорат бириэмэтинэн 12ч.15м биһиги бириэмэтинэн 18ч15м бүтүн дойду үрдүнэн “Чуумпу мүнүүтэ” биллэриллэр.  Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонноругар олохторун толук уурбут 27мөлүйүөн киһи…

Немецкэй-фашисткай халабырдьыттары утары кыргыһыыга өлбүт Аҕа дойду улуу сэриитин толоонноругар олохторун толук уурбут 27 мөлүйүөн киһи, тыылга бэйэлэрин харыстаабакка 1418 күн түүннэри-күнүстэри үлэлээбит дьоммутун кэриэстиэхпит.

Бу кэмҥэ тэлэбидиэнньэҕэ, араадьыйаҕа, кабельнай ханаалларга эмиэ тохтобул биллэриллиэ.

Күндү биир дойдулаахтарбыт!

Эһигини «Чуумпуруу мүнүүтэтин» аахсыйаҕа кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Тематический видеоролик Минута молчания https://clck.su/PAYZl

Проморолик
(продолжительность
32 секунды)
https://clck.su/OPURT

https://clck.su/OPURT

Видеоролик «Архивные
фотодокументы»
(продолжительность
6 минут 12 секунд)
https://clck.su/rwlfE

https://clck.su/rwlfE

Аудиозапись «Минута молчания»
(продолжительность
120 секунд)
https://clck.su/PAYZl

https://clck.su/PAYZl