Бүгүн биҺиэхэ саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалыгар — улуу Олоҥхоҕо сүгүрүйэн, Олоҥхо күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста
Олоҥхо — бу биһиги өбүгэлэрбит сүдү баайдара, өйдөрүн-санааларын, олоххо дьулуурдарын, кэрэҕэ тардыһыыларын түмэн илдьэ кэлбит ытык нэһилиэстибэбит буолар. 2005 сыллаахха ЮНЕСКО Олоҥхону аан дойду шедевринэн билиммитэ биһиэхэ, саха дьонугар, улахан чиэс уонна инники көлүөнэлэр иннилэригэр үрдүк эппиэтинэс.
Бу кэрэ-бэлиэ күнүнэн барыгытын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибит! Өбүгэбит үгэһэ үйэлэргэ сүппэккэ сайда турдун, олоҥхобут дорҕоонноох тыла-өһө кэнчээри ыччакка тиийэ ыллана, туойулла турдун!
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Өрөспүүбүлүкэтээ5и Олоҥхо Ассоциацията ыытар сахалыы таба суруйуу үөрүйэ5ин сайыннарар, олоҥхо баай тылын- өҺүн, билиини- көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Өрөспүүбүлүкэтээ5и “Олоҥхо дьыктаана-2026” буолла.


Ону тэҥэ тэрилтэлэринэн П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун иккис ырыатын “УҺун тыыннаах олоҥхо аа5ыыта” буолла. Олохтоох администрация, “Тускул” о5о саадын, Олохтоох сынньалаҥ киин коллективыгар, “Уйгу” түмсүүгэ уонна Сахая Егоровна5а кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!
Бу курдук уҺун тыыннаах олоҥхону аа5ыы – биҺиги норуоппут өйө – санаата, төрүт тыла – өҺө тыыннаа5ын, көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэн иҺэрин туоҺута буолар.


