Вход в личный кабинет

Далыр библиотекатын историята


 
Далыр нэьилиэгэр 1927 сыллаахха Донской Дмитрий Иванович – Черектуурэп урукку танара дьиэтигэр бастакы «Аа5ар бала5аны» тэрийбитэ, киниэхэ олохтоох оскуола учууталлара кемелеьеллере. «Аа5ар бала5ан» сурун соругунан партия уонна советскай правительство ыытар политикатын дьон оло5ор тургэнник киллэрии буолара. Дьону буттуун уерэхтээьин, комсомол ыытар улэлэрэ, нэьилиэккэ, улууска ыытыллар улахан событиелара, мунньахтара, съезтэрэ – барыта «Аа5ар бала5анна» ыытыллаллара. Ол са5ана дьон биирдиилээн алаастарынан тар5аьан олороллоро, онон араас сонуну, сананы «Аа5ар бала5анна» кэлэн билсэллэрэ.  
Онно 1939 сыллаахха диэри Баскарова Екатерина Николаевна, Оросутцева Клара Ксенофонтовна, 1940-1943 сылларга Донской Николай Афанасьевич, 1943-1946 сылларга Васильев Василий Васильевич, 1943 сыллаахха Саввинова Екатерина Павловна, 1947 сыллаахха Ильина Марфа Ивановна, 1949 сыллаахха Николаев Николай Сергеевич улэлээбиттэр
Онтон салгыы тэнийэн сэрии ыар кэмнэрин кэнниттэн туьунан Далыр олохтоох библиотеката тэриллэн кулууп биир хоьугар кеьеруллубут. Онно араас кэмнэргэ улэлээн ааспыт библиотекарьдарынан буолаллар:
1950 сыллаахха Еремисов Петр Васильевич, Харабаев Николай Иванович,
1953-1955 сылларга Спиридонова Анна Теретьевна,
1955-1963 сылларга Седалищева Анна Степановна,
1963-1974 сылларга Иванова Мария Николаевна,
1972 сыллаахха Попов Виталий Николаевич,
1966-1967 сылларга Герасимова Анна Иннокентьевна, Лазарева Мария Михайловна,
1957-1979 сылларга Иванова Марина Степановна,
1979 сыллаахха Хогурова Татьяна Никитична,
1980-1983 сылларга Анисимова Мария Егоровна,
1984-1987 сылларга Саввинова Галина Афанасьевна,
1988 сыллаахха Петрова Ольга Петровна,
1989-2009 сылларга Донская Валентина Егоровна,
2009 сыллаахха Гаврильева Лира Ивановна,
1995-1998 сылларга уонна 2010-2018 сылларга Софронова Ефросиния Егоровна,
2018-2020 сылларга Семенова Христина Степановна улэлээбиттэрэ.

Быйыл 2022 сылга “Аа5ар бала5ан” 95 сыллаах, библиотека тэриллибитэ 75 сыллаах убулуейэ.

Вход

Введите логин и пароль, указанные при регистрации