Вход в личный кабинет

“Өс хоҺооннору төһө билэҕин?” тургутук түмүгэ уонна сөптөөх эппиэттэрэ

1 миэстэ – Степанова Людмила Васильевна (15 баал)

2 миэстэ – Андылырова Сардана Михайловна (14 баал)

3 миэстэ – Гаврильева Мария Никитична (14 баал)

Сөптөөх эппиэттэр:

  1. Өс хоһооно – өбүгэ номоҕо
  2. Олоҥхо омуннаах, сэһэн эбиилээх
  3. Өҥө өҥөнөн, үтүө үтүөнэн төлөнөр
  4. Ыал көрбөт, ыт да үрбэт
  5. Баай бардам, тот дохсун
  6. Баһа – байҕал, кутуруга куйаар
  7. Сүөһү күрүөлээҕэ үчүгэй, киһи бастааҕа үчүгэй
  8. Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан
  9. Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр, тоҥсуйуоҥ иннинэ толкуйдаан көр
  10. Тарбаххынан тал, сөмүйэҕинэн сүүмэрдээ
  11. Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ
  12. Куобах – ойуурунан, киһи – дьонунан
  13. Тойон оҕото – тойон, тураах оҕото – тураах
  14. Көтөр – өҥүнэн, киһи – өйүнэн
  15. Атас туһугар, атах тостор

Вход

Введите логин и пароль, указанные при регистрации