Вход в личный кабинет

Пионерия 100 сылын көрсө “Далыр кэскилэ биһиги…” оҕо хамсааһынын оҕолоругар тэрээһин ыытылынна…

Пионерия 100 сылын көрсө “Далыр кэскилэ биһиги…” оҕо хамсааһынын оҕолоругар тэрээһин буолла. Барыта 10 оҕо кэлэн кыттыыны ылла. Тэрээһиҥҥэ, Пионер тэрилтэтин историятын туһунан, Далыр нэһилиэгин Пионердарын хаартыскаларын көрдүбүт. Далыр нэһилиэгиттэн “Артек”, “Орленок”, “Океан” лааҕырдарга сылдьыбыт оҕолору билистибит. Уонна 2 хамаандаҕа арахсан күрэхтэстибит. Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэни ыллылар “Пионер” хамаанда, 2 миэстэни “Комсомол” хамаанда ыллылар.

Күрэхпит 5 түһүмэҕинэн ааста. Ол курдук, бастакытынан тургутук аастылар, иккиһинэн – “Пионерия” диэн тылтан мүнүүтэҕэ тыл таһаардылар, үсүһүнэн – аныгы олох тэтиминэн сотовай төлөпүөҥҥэ пазл (хомулук) хомуйдулар, төрдүһүнэн – хаһыатынан бэргэһэ оҥордубут уонна бүтэһик түһүмэххэ “Былаах былдьаһыыта” хамсаныылаах оонньуу оонньоотубут.

“Далыр кэскилэ биһиги…” оҕо хамсааһынын оҕолоро үөрэн-көтөн, астынан, элбэҕи билэн бардылар.

Вход

Введите логин и пароль, указанные при регистрации