Вход в личный кабинет

Михайловтар династиялара.

Күүлэккэ  ыанньыксыттар биригээдэнэн хас биирдии ынахтан 2000-2500 кг ыаннар оройуоҥҥа, республикаҕа биллибиттэрэ. Ол кэмнэргэ бииргэ төрөөбүттэр «Михайловтар династиялара» диэн ааттара  оройуоҥҥа доргуччу ааттанара. Кинилэр:

Михайлова Анна Игнатьевна (1928-2012),  Бочуот Знага орденынан наҕараадаламмыта. Кини оҕолоро Семенова Валентина Семеновна (21.03.1955 с.т.), Семенова Розалия Семеновна (23.02.1959 с.т.), күтүөтэ Николаев Руслан Иванович (1960 с.т.) эмиэ ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ.

Михайлова Анна Игнатьевна
Семенова Валентина Семеновна
Семенова Розалия Семеновна
Николаев Руслан Иванович

Михайлова Мария Игнатьевна (1930-1995) эмиэ үйэтин тухары холкуоска, совхозка ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Кинилиин кыыһа Михайлова Тамара Ивановна (26.07.1961с.т.) 3 сыл үлэлээбитэ.

Михайлова Мария Игнатьевна
Михайлова Тамара Ивановна

Михайлов Иван Игнатьевич (1939-1992) Бочуот Знага орденынан наҕараадаламмыта. Кини кэргэнэ Васильева Анна Григорьевна (1931-2003) Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта. Кини кыыһа Трофимова Валентина Егоровна (1953 с.т.)  2 сыл, кийиитэ Светлана Иннокентьевна (1960 с.т.)  эмиэ үлэлээбиттэрэ.

Михайлов Иван Игнатьевич
Васильева Анна Григорьевна
Трофимова Валентина Егоровна
Михайлова Светлана Иннокентьевна

Михайлов Василий Игнатьевич (1932-1995) фермаҕа тас үлэһитинэн сылдьыбыта. Кэргэнэ Гаврильева Татьяна Андрияновна (1926-1990) ыанньыксыттаабыта.

Михайлов Василий Игнатьевич
Гаврильева Татьяна Андрияновна

Суруйдулар Далыртан Аксаков А.С., Акимова А.В.  03.02.2023 с.

Вход

Введите логин и пароль, указанные при регистрации