Бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр, Далыр олохтоох бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Россия үрдүнэн ???“Библионочь2023” ??? акция иһинэн, Россияҕа библиотека күнүнэн, Россия үрдүнэн “Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит” ??????сылыгар, “Читаем все” ??? республиканскай фестиваль иһинэн, 5-с сетевой республиканскай #СилаКниги ??? акция чэрчитинэн “Учуутал уонна үөрэнээччилэр” ???????оонньуу күрэх буолла. Күрэххэ 2 хамаанда, о.э. 1 кылаас оҕолоро Егорова Алиса, Прокопьев Чаҕыл, учууталлара Надежда Николаевна уонна 2 кылаас үөрэнээччилэрэ Токоемова Нарыйаана, Данилов Эрсан, учууталларын Александра Владимировнаны кытта кэлэн кытыннылар.

Оонньуу-күрэх 6 түһүмэхтэн турда, ол курдук хамаанданы билиһиннэрии, таабырын таайыы, өс хоһооннорун ситэрии, персонажтарынан остуоруйа ааҕыы, мүнүүтэҕэ сахалыы кэпсээни ааҕыы, хартыынаны (пазл) оҥоруу буолла.












Күрэх түмүгүнэн 1 кылаас хамаандата кыайыылаах таҕыста ???. 2 кылаас хамаандата олус кыра очукуонан хаалан 2 миэстэ буоллулар.

Кэлэн кыттыбыт кылаастарга Добун суруктары уонна сэмэй бэлэхтэри туттардыбыт. Кэлэн кыттыбыккытыгар махтанабыт, өрүү көхтөөх буоларгытыгар баҕарабын! Үлэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиини, табыллыыны, кытаанах доруобуйаны ??????