ДАЛЫРСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Далыр нэһилиэгин библиотекатыгар Донской Дмитрий Иванович – Чөрөктүүрэп сырдык аатын иҥэрии, Мэҥэ бэлиэ сурук арыллыыта буолла.

Бүгүн, о.э. 2023 сыл, ыам ыйын 26 күнүгэр бүтүн Россиятааҕы библиотека күнүн көрсө, биһиги Далырбыт историятыгар биир сүҥкэҥнээхэй, үөрүүлээх бэлиэ күн буолла.
Биир дойдулаахпыт уруккунан I Үөдүгэй, билиҥҥинэн Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, Саха сирин уонна улуус бастакы Комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, улууска бастакы Комсомольскай ячейканы тэрийбит, Саха норуотун олоҕун тупсарыыга элбэх үлэни ыыппыт, олоҕун анаабыт, кыһыл бартыһаан, сэбиэскэй, партийнай, общественнай үлэһит, суруйааччы, учуутал, улууска Аан бастакынан Далыр нэһилиэгэр “Ааҕар балаҕан” тэрийбит Донской Дмитрий Иванович – Чөрөктүүрэп үтүө, сырдык аата үйэ саас Далыр олохтоох библиотекатыгар иҥэриллэн, Мэҥэ бэлиэ сурук арыллыытын күнэ буолла.
Биһиги нэһилиэкпит баай историялаах нэһилиэгинэн биллэр, ол курдук улуус үрдүнэн бастакы Ааҕар балаҕаны Д.И. Донской – Чөрөктүүрэп урукку таҥара дьиэтигэр 1927 сыллаахха тэрийбит, сэбиэдиссэйинэн А.В. Баскарова үлэлээбит. Урут “Ааҕар балаҕан” сүрүн соругунан партия уонна советскай правительство ыытар политикатын дьон олоҕор түргэнник киллэрии буолара. Дьону бүттүүн үөрэхтээһин, комсомол ыытар үлэлэрэ, нэһилиэккэ, улууска ыытыллар улахан событиелара, мунньахтар, съездтэрэ барыта Ааҕар балаҕаҥҥа ыытыллара. Ол саҕана дьон биирдиилээн алаастарынан тарҕаһан олороллоро, онон араас сонуну, саҥаны Ааҕар балаҕаҥҥа кэлэн истэллэрэ. Онтон салгыы тэнийэн сэрии ыар кэмнэрин кэнниттэн туһунан Далыр олохтоох библиотеката тэриллэн кулууп биир хоһугар көспүтэ. Ол кэмтэн ыла, бу кэмҥэ диэри өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска биллэр араас библиотекарьдар эппиэтинэстээхтик , таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыттара.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ элбэх эҕэрдэ тыллар, баҕа санаа бастыҥнара этилиннилэр.
Биһиги Ааҕар дьиэбит нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр, кэлэр кэнчээри ыччакка сүдү киһибит Дмитрий Иванович Донской – Чөрөктүүрэп аата сүтэн, симэлийэн хаалбакка куруук үтүө, сырдык аата ааттана турдун, үйэ саас сүппэтин!