
Далыр нэһилиэгэр сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүгэр анаммыт, тэрээһин буолан ааста. Олоҥхо – норуот тылынан уус уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥанарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр.
Саха омук, өбүгэ саҕаттан, өйүттэн-сүрэҕиттэн сүтэрбэккэ, уоhуттан түhэрбэккэ илдьэ кэлбит олоҥхото сүүр бэhис, сайдыылаах үйэ кэлиҥҥи сылларыгар умнуллан, аныгы дьон сэҥээрбэт буола сылдьыбыттарын кэннэ, уран тыл бу бастыҥтан бастыҥ айымньытын туhугар туруулаhар дьон баар буоланнар, эмиэ хаттаан тыын ылар, араҥаччыланар, харыстанар, өссө сайдар кыахтанна. Ол курдук, олоҥхо норуот тылынан айымньытын быhыытынан аан дойдуга аатырда, ЮНЕСКО 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр быhаарыытынан киhи-аймах духуобунай культуратын сэдиэбирин быhыытынан ааттанна. Бу биhиги устар ууну сомоҕолуур уран тыллаахтарбыт, кырыымпалыы кылыгырас кылыhахтаахтарбыт, сүргэни көтөҕөр, санааны күүрдэр, сүрэҕи долгутар улуу олоҥхоhуттарбыт талба талааннарын, өркөн өйдөрун, айар талааннарын чаҕылхай туоhута буолар.
Олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Онон бу улуу айымньы киһиэхэ бары өттүнэн үчүгэйи оҥорор.

“Тимир куйахтаах Дьурантай Бухатыыр” олоҥхо ааҕыыта










Олоҥхо күнүгэр анаммыт “Олоҥхо дьоруойдара” уруһуй күрэҕин түмүгэ:
Детсад орто сүһүөх оҕолоругар: 1м. Брызгалова Сайаана 4 саастаах, 2м. – Филиппов Айтал- 4 саастаах, 3м. – Иванова Нарыйаана 4 саастаах.
Детсад улахан бөлөх оҕолоругар: 1 м. – Слепцова Кэрэли – 5 саастаах, 2м. – Михайлов Харысхан – 6 саастаах, 3м. – Павлов Айхал – 5 саастаах.
Оскуола алын сүһүөх оҕолоругар: 1м. – Тимофеева Нарыйаана – 3 кл, 2м.- Прокопьева Анжелина – 4 кл., 3 м. – Евсеев Тимур – 3 кл.,
Оскуола 5-11 кылаас оҕолоругар: 1м. Гаврильев Чысхаан – 8 кл., 2м. – Семенова Сайыына – 7 кл., 3 м. – Степанова Ярослава.
Улахан дьоҥҥо: 1 м. Михалева Саргы Валерьевна – Д/с иитээччитэ, 2 м. – Моекова Эмина Викторовна – Далыр орто оскуолатын учуутала, 3 м. – Степанова Людмила Васильевна – д/с иитээччитэ.
Бары кыттыбыт дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит!
Ону таһынан “Өбүгэлэр оонньуулара” хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһии буолла.
1м. – Давыдова Ньургустаана Михайловна, 2 м. – Федотова Мила – 7 кылаас үөрэнээччитэ, 3 м. – Чоросова Ульяна Валерьевна буоллулар.





