“Улуу тыл маастара” – Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй

Өксөкүлээх Өлөксөй — Алексей Елисеевич Кулаковскай (16.03.1877 (эргэ халандаарынан 4 чыыһылаҕа) — саха литературатын төрүттээччи, поэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист-философ төрөөбүт күнэ. Саха сирин үрдүнэн “Өксөкүлээх сардаҥата” аахсыйа буолла.

1877 сыллаахха урукку ааҕыынан кулун тутар 4, саҥа истиилинэн кулун тутар 16  күнүгэр Амма өрүс үрдүгэр турар «Учай» алааска төрөөбүт.

Өксөкүлээх Өлөксөй дьон-сэргэ өйүн санаатын, сиэрин – туомун тутуспут, нус бааччы олохтоох, сүрдээх эйэлээх, дьоһун дьонтон Елисей Васильевич уонна Анастасия Николаевна Кулаковскайдартан үһүс оҕонон төрөөбүт. Ол да иһин эрэдэһиннээх таабырыннаах, норуот муудараһа иҥпит өс хоһооно тыллаах хоноһо кинилэргэ хонон, абылаҥнаах остуоруйалардаах айанньыт кинилэргэ тохтоон, улуу олоҥхоһут кинилэргэ олоҥхолоон, ыллам ырыаһыт кинилэргэ ыллаан ааһаллара.

Өксөкүлээх Өлөксөй айымньылара аҥардас саха олоҕунан муҥурдаммакка, общество бүтүннүүтүн сайдыытын күттүөннээх боппуруостарын, норуоттар бэйэ – бэйэлэрин икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларын, улахан норуоту кытта кыра омук алтыһыытын, бэйэтин норуотун уруккутун, билиҥҥи олоҕун- дьаһаҕын уона кэлэр кэскилин, киһи аймах үрдүкү сыаннастарын (кырдьык, суобас, киһини ытыгылааһын, амарах, ыраас сүрэх) критерий туттан көрдөрөллөр.

Бэркэ диэн сыралаһан цивилизованнай, демократическай общество диэни тэринэн эрэр кэмнэригэр, бүгүҥҥү наука ситиһиилэрин илиибитигэр бобуччу тутан көрдөххө, урут омсолоох дэммит Өксөкүлээх көрүүлэрэ барыта кырдьыктаах эбиттэр. бу үлүгэрдээх киһи аймах, өйө-санаата айгырааһынын, сир ийэ урусхалланыытын сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр “Ойуун түүлүгэр” эппит, сэрэппит уонна ону кыайар баар эрэ күүһүнэн киһи аймах барҕаны барҕалыыр өйө-төйө, үөрэҕэ – культурата буолар диэн тоһоҕолоон кэбиспит эбит.

Онон, сахатын сирин дьонун тыыннаах, чөл хаалларар туһуттан нуһараҥ олох диэни билбэккэ, былааска – үпкэ тардыспакка, үрүҥ-кыһыл диэки буолбакка, хараҥа дьонун өйүн уһугуннараары, сырдыкка – үөрэххэ талаһыннараары отучча сылы быһа соҕотоҕун сору көрөн, туруорбут сыалын ыар баттыгас- сүгэһэр оҥостон, түүннэри-күнүстэри үлэлээн үрүлүйбүт.

Дьэ ол да иһин, Өксөкүлээх Өлөксөйү норуота харыстаан, бэйэтин духовнай сирдьитин курдук тутан баччааҥҥа диэри кэллэ. Онон биһиги дириҥ махтал тылынан өйдөөн ааһыахтаахпыт саха чулуу уолун – А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөйү.