Уопсастыба доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтии өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин педиатр-бырааһа Эмилия Анатольевна Токоемова чэгиэн-чэбдик буолуу төрүттэрин туһунан кэпсээтэ.
Саха сирин хаһыатын сайтын 10.07.2024с. таһаарытыттан, ааптар Надежда Егорова.
Доруобай буолуу киһи бэйэтин уйаҕас айылгытыттан (эмоциятыттан) тутулуктаах
— Ырыынак биhиги олохпутугар эмискэ, бэлэмэ суох киирбит буолан, үчүгэй өрүттэринээҕэр сиэр-майгы сатаҕай өрүтэ олус элбээтэ. Сиэр-майгы эйгэтэ күнтэн-күн хабараан тыыннанар. Күннээҕи түбүктэн, үксүү турар кыhалҕаттан сылтаан, дьон киҥир-хаҥыр саҥарсыыта, бэйэ-бэйэни итэҕэйбэт буолуу, үлэҕэ ордурҕаһыы, хойох хостоһуу, бэйэ-бэйэни уорбалаһыы курдук мөкү көстүүлэри күөрэттэ;
Кэккэ сирдэргэ өй эбэтэр күүс күрэҕиттэн үөскүүр кэнэйдэhиилэр; уулуссаҕа таҕыстахха, этиhии, үөхсүү, охсуһуу; дьону кытары кэпсэттэххэ, хас киhи хаста, хайдах атаҕастаммыта, албыннаппыта күннээҕи сонуҥҥа кубулуйуута; тэлэбиисэри холбоотоххо, хаhыаты тэниттэххэ дойдуга сэрии аймалҕана — үчүгэй санааны үөскэппэттэр.
Бу барыта элбэх дьон доруобуйата айгырыырыгар тириэрдэр. Доруобай буоларга сиэр-майгы, өй-санаа киhи этин-сиинин кытта быhаччы сибээстээх. Доруобай буолуу 70-80% биhиги күннээҕи түбүкпүтүн, үлэбитин-хамнаспытын, олохпутун-дьаhахпытын, аспытын-үөлбүтүн, киһи уйулҕатын (психикатын) кытта быһаччы сибээстээхтэр. Күннээҕиттэн астыныы-дуоhуйуу баар буоллаҕына, киhи уйаҕас айылгыта (эмоцията) уйулҕаны кытта сөп түбэсиhэр. Дьүөрэлэhии туруга баар буоллаҕына, киhи доруобуйата түргэнник эмсэҕэлээбэт.
Хас биирдии киhи доруобай буоларга дьулуhар. Ол дьулуhуу олоххо киирэрин туһугар, мин саныахпар, киhи бэйэтин уйаҕас айылгытын салайа үөрэниэхтээх. Уйаҕас айылгы — сүүрээнтэн (эниэргийэттэн) үөскүүр күүс.
Хас биирдии уорган киhи уйаҕас айылгытыгар сөп түбэhэр:
— Кыыhырыы, тымтыы уонна сүөм түһүү — быары кытта;
— Уоруу, хомолто – сүрэҕи кытта;
— Олус айманыы уонна умнуган буолуу — таалы уонна бүөрү кытта;
— Санаарҕааhын уонна ээл-дээл буолуу — тыҥаны кытта;
— Куттас буолуу уонна кыаҕы билинии — бүөрү кытта;
— Ыгым быhыы, аhырымтыа буолуу — уоhу кытта;
— Дуоhуйуу, астыммат буолуу — синньигэс очоҕоhу кытта;
— Дьоҥҥо аhаҕас буолуу, бэйэҕэ куутуйаланыы- куртаҕы кытта;
— Тулуурдаах буолуу, сылайымтыа буолуу — суон очоҕоhу кытта;
— Кэрэхсиир, сэргээбэт быhыы-майгы хабаҕы кытта сибээстээхтэр.
Дьон-сэргэ доруобуйатын туругун 80% бэйэтин илиитин иhигэр баар. Өскөтүн билиибитин-көрүүбүтүн кэҥэтэн, чөл олоҕу тутуhан, бэйэ күүhүгэр эрэнэн, инникигэ эрэллээх хардыылары оҥоруу, билиигинэн-көрүүгүнэн, үлэлиир-хамсыыр сатабылгынан, тылыҥ-өһүҥ баайынан бэйэҥ олоххо аналгын сөпкө анаарыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ сиэрдээхтик сыһыаннаһыы, эт-хаан бигэ туруга, сөптөөх ас-таҥас, дьиэ-уот, күрүө-хаһаа, күннээҕини былааннааһын, тулалыыр эйгэ чөл туругун иһин айгыраабат суолу тутуһуу – бу барыта чэгиэн-чэбдик, чөл буолууга тириэрдэр.
Өй-санаа буомуруута, сиэр-майгы сатарыйыыта, кэхтибит доруобуйа удьуор кыаҕын мөлтөтөр. Түмүгэр кыараҕас өйдөөх, аккыраҥ ыччат үөскүөн, удьуор утума эстиэн сөп.
Чэгиэн-чэбдик буолуу — биһиги айылҕаттан бэриллибит айылгыбыт, онтон ыарыы – дьүөрэлэһии сокуонугар олоҕурбут биһиги эппит-сииммит, өйбүт-санаабыт, сиэрбит-майгыбыт сатарыйыытыгар тастан киирэр алдьатар күүс. Ыалдьарбыт-ыалдьыбаппыт бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах.
Ханнык баҕарар ыарыы бастаан биһиги уйулҕабытыгар, уйаҕас айылгыбытыгар, кут-сүр эйгэтигэр үөскүүр, онтон эппитигэр-сииммитигэр тарҕанан иһэр. Ыарыы өр кэм устата, уонунан сылларга тута биллибэккэ олохсуйар. Эппитигэр- сииммитигэр тарҕанан, силиһин-мутугун түһэринэн арахсыбакка иҥнэҕинэ эрэ, ыалдьыбыппытын билэбит.
Чэгиэн-чэбдик буолуу диэн – өй-санаа ыһыллыбакка, кут-сүр чөл туруктаах буолуута. Киһи дууһата ырыта тыытыллыбакка, өй-сүрэх мөккүөрэ буолбакка, этиҥ-сииниҥ ыараабакка ис-тас турук чэпчэки, ыраас буолуохтаах.
Мантан ситимнээн эттэххэ, ыалдьыбат туһугар олорорго киһи өйө-санаата чэбдигириэн, инникигэ эрэллээх, олоххо сыаллаах-соруктаах, ону ситиһэргэ дьулуурдаах буолуон наада.