ДАЛЫРСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

“Чурапчы алдьархайа” үйэлэргэ умнуллубатын!

Чурапчы көһөрүүтэ-саха норуотун бүттүүн алдьархайа. 1939 сылтан турбут кураан 1941 сыллаахха Чурапчыга ордук суоһаабыта. Кыһын хаар түспэккэ, сааһа тымныы, тыаллаах буолан сир сиигэ көтөн, сайын аһыҥа туран сир харанан көрөн турбута. Мантан улахан аччыктааһын тахсыбыта. Дьон-сэргэ ыксаан барбыта, былаас чурапчылары хоту улуустарга балыктата ыытарга диэн дьаһалы ылыммыта. 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213№-дээх уурааҕар олоҕуран, Чурапчы оройуонун колхуостарын суһаллык, Хоту, балык булдугар көһөрөргө күһэйбиттэрэ. Ити алдьархай ортотугар ыар баттыкка сылдьан Чурапчы көһүүтүн кыттыылаахтара Аҕа дойду улуу сэриитигэр фрону балыгынан хааччыйыыга күүскэ үлэлээбиттэрэ. Саха сирэ 1941-1945 сс. Кыһыл армияҕа 2.5 мөлүйүөн буут балыгы туттарбыттара биллэр… Историяҕа “Чурапчы алдьархайа” диэн аатынан харах уулаах киирбитэ. Чурапчы улууһутан 41 колхуос, 5318 киһилээх 1850 хаһаайыстыбаны, төрөөбүт төрүт буордарыттан күүс өттүнэн күһэйэн – Кэбээйи, Булун, Эдьигээн оройуоннарыгар өлөр-өһөр дьылҕаҕа уураахтаабыттара. 41 колхуостан үгүстэрэ хоргуйан, аҥардара ситэри тиийбэккэ эрэ аара тоҥон, охтон, буурҕаҕа мунан, өлбүттэрэ, сүппүттэрэ. Бу күнү курутуйан туран ахтар, кэриэстиир, үүнэр көлүөнэҕэ тириэрдэр биһиги ытык иэспит.

Биһиги нэһилиэкпитигэр “Чурапчы алдьархайын” кыттыылааҕа Морфунов Василий  Иванович туһунан билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.

Чурапчы улууһун, Кытаанах нэһилиэгиттэн Эдьигээҥҥэ көһүү кэмигэр Василий Иванович 4 – 5 саастаах кырачаан оҕо. Ыарахан ыар кэми этэҥҥэ тулуйан 1945 сыллаахха Улуу Кыайыы буолбутугар дойдуларыгар төннөн кэлбиттэр. Салгыы олохторун оҥостон, үөрэнэн 1964 сыллаахха Бүлүүтээҕи пед училищеҕа үөрэнэ кэлэн, олоҕун аргыһын  Матрена Тихоновнаны көрсөн 1966 сыллаахха ыал буолан, үөрэхтэрин бүтэрэн Далыр нэһилиэгэр олохсуйаллар. Өр кэмҥэ оҕону иитии, үөрэтии эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ. Далыр нэһилиэгин “Ытык ыал” бэлиэ хаһаайыттара, нэһилиэк Бочуоттаах олохтоохторо. Билигин бочуоттаах сынньалаҥнарыгар, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар угуттанан, этэҥҥэ дьоллоохтук олороллор.

Баҕарабыт уһун доруобай, дьоллоох олоҕу!