Харчы олоххо тирэҕи биэрэр, сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэр. Биһиги сатаан суоттанар, аттарынар буоллахпытына, оҕобутун харчыны сатаан туттарга хайдах үөрэтэбит? Бу туһунан оҕо билиэхтээх дуо?
Кыра сааһыттан суоттуу үөрэниэхтээх
Төрөппүт харчыны хайдах туттарын көрөн оҕо үтүктэр дииллэр. Ол эрээри ардыгар утарыта буолуон сөп. Харчытын сатаан туттубат төрөппүттээх оҕо өрүү кыһалҕаны көрсөр. Билигин аныгы үйэҕэ харчыта суох хардыыны да оҥорор уустук. Маҕаһыын дэлэйинэн, киһи ымсыырар тэрилэ, аһа-үөлэ, мала-сала элбэҕинэн харах иириэн сөп.
Бастакы көрүҥҥэ, сатаан харчыны туттубат төрөппүт оҕотун кылааһыгар бэриллиэхтээх усунуоһун атын дьарыктарга, оҕотун барыйыаһыгар уонна күнээҕигэ туттар харчытын сатаан биэримиэн сөп. Онно хамнаһыттан сатаан ууруммакка, матайдаан кэбиспитэ түрүөт буолар. ол түмүгэр оҕо саастыылаахтарыттан итэҕэс сананан, харчыга кырыымчык сыһыаннаһыан сөп. Иккис көрүҥ, ийэ, аҕа кэлбит харчыларын аһары киэҥник тутталлар. Ол түмүгэр оҕо харчыга сыанабыла сүтэр. Кыра харчыны харчынан аахпат, талбытынан матайдыан сөп. Онон хайдах да хамнастаах төрөппүт оҕотугар кыра эрдэҕиттэн сыанабылы иҥэриэхтээх. Килиэп, үүт , саахар, бурдук сыанатын оҕо удумаҕалатан билиэхтээх. Бу күннэтэ атыылаһыллар бородуукта сыанатын билии оҕо харчыга сыһыанын бэрээдэктиир эбит.
ТӨҺӨ ХАРЧЫНЫ БАРЫЫРЫН БИЛИЭХТЭЭХ
Билигин үгүс төрөппүт оҕотугар баан каартатын оҥорторор. Онон оҕо кумааҕы харчыны илиитигэр туппат. Хомойуох иһин, эспиэртэр быһаарбыттарынан, үп-харчы суоттааһыныгар оҕоҕо улахан охсуулаах буолуон сөп эбит. Оҕо күҥҥэ төһө харчыны туохха бараабытын чопчу билиэхтээх. Ыстыыр ыас, минньигэс сакалаат, утах – бу барыта түргэнник бүтэр, харчыны барыыр, маҕаһыыны эрэ байытар ас-үөл буоларын төрөппүт холкутук баһаарыахтаах. Харчыны барыыр, наадалааҕы атыылаһар уонна мунньунар диэн тыллары кыра сааһыттан өйдүөхтээх. Онон оҕо кыра сааһыттан бытархай харчыны копилкаҕа мунньуохтаах. Туох эрэ үчүгэйи атыылаһарбар мунньабын диэн өйдүөхтээх.
ҮЧҮГЭЙ СЫАНА, СИТИҺИИ ИҺИН ХАРЧЫНАН МАННЬАЛААМАҤ
Аныгы төрөппүттэр оҕолорго үчүгэй сыана ыллаҕына, ситиһиилэннэҕинэ, харчынан манньалыыр идэлээхтэр. Оҕо оскуолаҕа билии ылаары үөрэнээрин, олоххо ситиһиилээх буолаары дьарыкка, куруһуокка сылдьарын өйдүөхтээх. Харчынан кыра сааһыттан манньаламмыт оҕо төрөппүттэриттэн хайдах гынан өссө элбэх харчыны ыларын туһунан толкуйдуур буолар. Кини кыра сааһыттан дьиэтээҕи бүддьүөтүгэр кыттыһыахтаах. Ыйдааҕы аһылыкка, туттарга төһө харчы барарын төрөппүттэрин кытта кэпсэтиэхтээх.
Оҕону истириэстэн харыстаан, харчыбыт кыратын кистиибит диир төрөппүттэр сыыһаллар эбит. Оҕо эрдэҕэс сааһыттан ас-таҥас хантан кэлэрин, төрөппүттэр хамнастарыттан төһө ордорун билэр буоллаҕына, кини сыаналыы улаатар. Оттон үп-харчы туһунан билии (финансовай грамотность) диэн туспа тугу эрэ суоттааһын буолбатах, оҕону кыра сааһыттан манна үөрэтиэххин баҕарар буоллаххына, социальнай бородууктаттан саҕалаан ыйдааҕы төлөбүрдэр тустарынан оҕоҕо эрдэттэн кэпсиэхтээххин диэн эспиэрдэр сүбэлииллэр.
ОСКУОЛАТЫН ТЭЭБИРИНИН БЭЙЭТЭ АТЫЫЛАҺЫАХТААХ
Күһүн, үөрэх дьыла саҕаламмытын кэннэ эрдэҕэс саастаах оҕону тэтэрээтин, уруучукатын атыылаһыннара бэйэтин ыытар ордук. Бу сылдьан оҕо табаары таларга, харчыны суоттуурга, барытын учуоттуурга үөрэнэр. Оттон кыра кылаас оҕотун кытта төрөппүт бииргэ сылдьан атыылаһара ордук. Оҕо бу сылдьан туох төһө сыаналааҕын билиэхтээх. Кини харчыга эрэ буолбакка, атыылаһыллар малга-салга харыстабыллаах сыһыаҥҥа эмиэ үөрэнэр.