ДАЛЫРСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Туола Тарбыанап “Ааспыт үйэ өргөһө” хоһооно “Кылаан чыпчаал” ааты ылла

Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр центр ыыппыт “Төрөөбүт дойдугут, норуоккут хоһоонугар холбуоҕа, ырыатыгар ыллыаҕа…” аһаҕас кэтэхтэн хоһоон айааччылар күрэхтэригэр Далыр нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх хоһоон автора Илларионов Анатолий Иванович – Туола Тарбыанап “Ааспыт үйэ өргөһө” хоһооно “Кылаан чыпчаал” ааты сүктэ.

Ааспыт үйэ өргөһө

Кумахтаах Бүлүүттэн төрүттээх,
Хаһаах хаантан тардыылаах,
Одун хаан оҥоһуулаах,
Ыстапаан Ардьакыап.

Ойуунускайдыын өйдөһөн,
Омуоһаптыын алтыһан,
Бараахаптыын ханыылаһан,
Хаамсыбыт эбиккин Ардьакыап.

Ааспыт үйэ будулҕаныгар,
Өргөс тыллаах эн этиҥ,
Тумаҥҥа муммут норуоккун,
Көҥүлгэ сырдыкка сирдээтиҥ.

Туруулаһан оҥорсубут былааһа,
Сымыйа балыырга буккуйан,
Умсары аста хаайыыга,
Отойун төннүбэт ол сиртэн.

Чаҕылхай кылгас олоҕуҥ,
Чолбон сулустуу сандаарыа,
Үтүмэн үйэлэр устата,
Албан аатыҥ ааттаныа.

Туола Тарбыанап.

Махтал тылларын тиэрдэбит, Туола Тарбыанап олоҕун аргыһыгар Илларионова Татьяна Павловнаҕа, кэргэнигэр өруу күүс көмө, өйөбүл буоларыгар уонна күрэҕи тэрийбит Булуу куоратын дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр центрга. Баҕарабыт инникитин айар үлэҕитигэр ситиһиилэри!