ДАЛЫРСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

“Чыраа Уола Микиитэ Сэмиэнэп Удьуора” саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Сэтинньи 8 күнүгэр Далыр нэһилиэгэр Сэмиэнэптэр халын аймахтарын историятын кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Кинигэҕэ, Семенов Никита Чирикович уонна Семенова Марина Михайловна тустарынан, кинилэр оҕолорун, урууларын – аймахтарын туһунан суруллубут. автор, Осипова Валентина Захаровна бэлиэтээһиннэрин таһынан, аймах – билэ дьонун ахтыыта киирбиттэр. “Сааһырбыт хаартыскалар – кэм туоһулара”, “Удьуор утума салҕанар, өбүгэ ситимэ тэнийэр” диэн ааттанан урукку – билиҥҥи хаартыскалар кинигэни байыппыттар.

Валентина Захаровна оҕолоругар, уруу – аймах дьонугар уонна ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаата.

Кинигэ тахсарыгар улахан кылаатын, көмөтун уурбут Валентина Захаровна кыра кыыьа, Григорьева Зинаида Михайловна Дьокуускай куоракка “Сахабэчээт” тэрилтэҕэ “Улуус Медия” сетевой таһаарыыга эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлиир уонна компьютернай версткатын, оформлениетын онорбут Иванова В.С..

Кинигэ сүрэхтэниитигэр аймах – билэ дьоно, ыаллаһан олорбут ыаллара, дьүөгэлэрэ кэлэн, истэн – сэргээн, кыттыыны ылан бардылар.

Саҥа сүрэхтэммит кинигэни көрөн баран, мустубут дьон, чахчы даҕаны эдэр көлүөнэҕэ улахан суолталаах кинигэнэн сыаналаатыбыт. Хас биирдии киһи төрдүн – ууһун, хантан төрүттээҕин, аймах – билэ дьонун билиэхтээх.