Вход в личный кабинет

Н. К. Седалищев – Дьүөгэ Ааныстыырап

Никифор Кирикович Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап
(29.01.1913—1944) — саха суруйааччыта.

Никифор Кирикович 1913 сыллаахха тохсунньу 29 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр төрөөбүтэ. 1931 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбит. Бу үөрэнэ сылдьар кэмигэр сир түҥэтиитигэр уонна нэһилиэгэр бастакы тыа хаһаайыстыбатын артыалын тэрийиитигэр кыттар. Доруобуйата мөлтөөн үөрэҕин бүтэрбэт. 1934—1936 сс. Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар саха тылын уонна литературатын үөрэтэр. 1936 с. Нам оройуонун үөрэҕин кэмитиэтигэр пионердар отделларын сэбиэдиссэйинэн ананар. 1938—1941 сс. — «Бэлэм буол» өрөспүүбүлүкэ хаһыатын сэкэрэтээрэ, онтон эппиэттээх эрэдээктэрэ. Үүнэн-сайдан испитэ. 1937 сылтан айымньылара бэчээттэнэн барбыттара. Кини 30-ча кэпсээни суруйан хаалларбыта биллэр. Саха сирин суруйааччыларын союһун чилиэнэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар 1941 с. атырдьах ыйыгар Н. К. Седалищев армияҕа барар. Радистар онтон эппиһиэрдэр комсостав куурустарын бүтэрэн баран младшай лейтенант сыбаанньалаах взвод хамандыыра буолбут. Калинин уонна Ленинград анныгар кыргыһыыларга кыттыбыт. Үстэ бааһырбыт. 1944 с. олунньутугар сураҕа суох сүппүт.

Н. К. Седалищев кылгас (1913—1944), ол гынан баран дьикти айар олоҕу олорон ааспыт. 1933 с. бастаан бэчээттэнэр. Бастакы айымньыта «Ууhуттар» диэн кэпсээн. 1938 с. икки хомуурунньуга тахсар: «Ньургуһун уонна Лоокуут» уонна «Родительская любовь».

Н. К. Седалищев айар үлэтигэр оҕолорго аналлаах айымньылар улахан миэстэни ылаллар.

Дьүөгэ Ааныстыырап айдарыылаах поэт, драматург уонна очеркист быһыытынан эмиэ биллэр («В советской школе», «Счастливое детство», «Учебный день» уо. д. а.). Тылбаастара эмиэ улахан суолталаахтар: Всеволжскай И. Е. Маршал эдэр сааhа: Драма, 1939, Павленко П. А. «На Востоке» (Границатааҕы сэриилэhии: Роман 2 баһын IV чааhа), Салтыков-Щедрин М. Е. «Мавруша-Новоторка», 1939.

Үһүйээннэргэ олоҕуран айыллыбыт «Ньургуhун уонна Лоокуут», «Мойуор» диэн айымньылар суруйааччы төрөөбүт норуотугар тапталын көрдөрөллөр. Кэлин сэһэн сюжетын суруйааччы Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуhун» драматыгар уонна поэт Күннүк Уурастыырап уонна драматург Суорун Омоллоон опера либреттотыгар туттубуттара.

Никифор Кирикович Седалищев – Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан уулусса Үөһээ Бүлүү Кэнтиктиир аартыкка баар, 319м. усталаах.

Кэнтик орто оскуолата Никифор Кирикович Седалищев – Дьүөгэ Ааныстыырап аатын сүгэр. 2012с. Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Семенович Поскачин суруйааччы аатын Кэнтик орто оскуолатыгар иҥэрэр туһунан №1 ПГ уурааҕынан бигэргэппитэ.

Вход

Введите логин и пароль, указанные при регистрации