“Дапсы дьыктаана”
“Биһирэм тыл күнүн” иитинэн үһүс төгүлүн ыытыллар “Дапсы дьыктаана” аахсыйаҕа Далыр нэһилиэгин олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Дьыктаан сыала-соруга ийэ тыл тутуллар эйгэтин кэҥэтии, төрөөбүт тылбытын өрө тутуу, ыччаты төрөөбүт тылы харыстыырга угуйуу. Лиҥкибиис – учуонай, тыл билимин хандьытаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П.Алексеев – Дапсы аатын уонна үөрэҕин тарҕатыы. Дьыктааны уопсайа 8 киһи суруйда. Дьыктаан тиэкиһин […]
“Комсомол – диэн тугуй?” Комсомол тэриллибитэ 105 сылыгар Далыр нэһилиэгэр ыытыллыбыт биктэриинэ ыйытыктара уонна эппиэттэрэ
ЫБСЛКС диэн уһатыыта (расшифровката) туох диэний? (Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһа) Комсомол хаһан тэриллибитэй, хас чилиэннээҕэй? (Россияҕа комсомол 1918 сыл алтынньы ый 29 күнүгэр оробуочай уонна үлэһит бааһынай ыччат Бүтүн Россиятааҕы I съеһинэн тэриллибитэ. Онон ити күн комсомол төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар. Ити бириэмэҕэ 22 тыһыынча 150 эрэ комсомол чилиэнэ баара). Комсомол бастакы аата? (РКСМ […]
Далырская сельская библиотека и КДУ присоединились к Всероссийскому месячнику “Белая трость” провели медиа-урок “#Мир един” в рамках сетевого проекта “Читаем все” инициированной ГКУ РС(Я) “Якутская республиканская специальная библиотека для незрячих и слабовидящих им. И.Н. Егорова – Горного” при поддержке Министерства культуры и духовного развития РС (Я)
Учуутал уонна иитээччи күнүгэр анаммыт тэрээһин
Алтынньы 6 күнүгэр культура сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох библиотека Аҕа сүбэһит уонна учуутал сылынан, Учуутал уонна иитээччи күнүгэр анаммыт “Үрдүккэ сырдыкка үөрэтэр, үтүөнү кэрэни үксэтэр” учууталлар уонна иитээччилэр күрэхтэрин тэрийдилэр. Далыр орто оскуолатын 2 хамаандата уонна оҕо уһуйаанын 1 хамаандата кыттыыны ыллылар.
Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэрэ
Алтынньы 5 күнүгэр нэһилиэк культуратын сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох библиотека Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт “Сааһырыы эмиэ кэрэлээх” – диэн араас күрэхтэрдээх дьоро киэһэни тэрийдилэр. Ону тэҥэ “Ааспыт кэм ахтылҕана” фотозонаҕа ыҥырыылаах ыалдьыттар астына, дуоһуйа хаартыскаҕа түһэн бардылар.
Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ
Алтынньы 4 күнүгэр Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Семенова Антонина Петровна, кэлэн ыалдьыттаан, хамаанданан күрэхтэһэн бардылар. Ону таһынан Далыр орто оскуолата 110 сааһын туолар Үбүлүөйдээх сылынан, “110 Үтүө дьыала” чэрчитинэн нэһилиэк библиотекатыгар кинигэ бэлэх ууннулар! Библиотека аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит!
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Далыр орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Егорова Людмила Александровналыын бибилэтиэкэҕэ кэлэн экскурсиялаан, оонньоон, кинигэ уларсан бардылар. Кырачааннар олус актыыбынайдар, араас кинигэлэри интэриэһиргээтилэр.
Балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Далыр нэһилиэгэр “Тускул” оҕо уһуйааныгар Үөһээ – Бүлүү улууһун уһуйааннарын сэбиэдиссэйдэрэ кэлэн мунньахтаан, сынньанан бардылар. Олохтоох бибилэтиэкэ уонна уһуйаан иитээччилэрэ “Путь к успеху” – диэн деловой оонньуу ыыппыттара.
13 сентября исполняется 100 лет со дня рождения Зои Космодемьянской, которая вошла в историю как первая женщина удостоенной звания Героя Советского Союза во время Великой Отечественной Войны
Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, биир дойдулаахпыт Тарасов И.С. сырдык аатыгар анаммыт “Ааспыты, буолбуту анааран…” ахтыылар, ыстатыйалар кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Бүгүн, о.э. бэс ыйын 21 күнүгэр Далыр олохтоох бибилэтиэкэтигэр Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, биир дойдулаахпыт, “АЛРОСА” хампаанньа бэтэрээнэ, бэйэтин кэмигэр социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа, рационализатор, 33 сыл хайаны байытар кэмбинээккэ үһүс баабырыкаҕа үлэлээбит Иннокентий Сергеевич Тарасов сырдык аатыгар анаммыт “Ааспыты, буолбуту анааран…” ахтыылар, ыстатыйалар кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу үс түһүмэхтээх кинигэҕэ АЛРОСА хампаанньа бэтэрээнэ Иннокентий Сергеевич, киһи […]