Сэтинньи 25 күнэ – “Олоҥхо” күнэ

Далыр нэһилиэгэр сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүгэр анаммыт, тэрээһин буолан ааста. Олоҥхо – норуот тылынан уус уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥанарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Саха омук, өбүгэ саҕаттан, өйүттэн-сүрэҕиттэн сүтэрбэккэ, уоhуттан түhэрбэккэ илдьэ кэлбит олоҥхото сүүр бэhис, сайдыылаах үйэ кэлиҥҥи сылларыгар умнуллан, аныгы […]

Сэтинньи 11 – с күнүгэр, саха норуотун чулуу уола, бөлүһүөк өйдөөх судаарыстыбаннай диэйэтэл, аптаныамыйаны төрүттэспит мындыр бэлиитик, үрдүк таһымнаах салайааччы, билими тэрийээччи, дэгиттэр талааннаах суруйааччы, улуу киһибит П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сыла

Платон араас ыараҕаттары ааһан  1915 сыллаахха Дьокуускай куораттааҕы учительскай семинарияҕа киирбитэ. Онно туйгун үөрэҕин иһин 14 солкуобай хаһына стипендиятын ылыаҕыттан киһилии олоробута.  Ойуунускай сыылкаҕа кэлбит нуучча революционердарын кистэлэҥ куруһуоктарыгар киирэн элбэҕи билэн- көрөн инникии сайдар тосхолун булбута, хомунньуус партияҕа киирбитэ. Кини Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ. Суруйбут айымньыларыгар Октябрьскай революция кыайыытын айхаллаабыта. Дьадаҥы дьон […]

“Дапсы дьыктаана”

“Биһирэм тыл күнүн” иитинэн үһүс төгүлүн ыытыллар “Дапсы дьыктаана” аахсыйаҕа Далыр нэһилиэгин олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Дьыктаан сыала-соруга ийэ тыл тутуллар эйгэтин кэҥэтии, төрөөбүт тылбытын өрө тутуу, ыччаты төрөөбүт тылы харыстыырга угуйуу. Лиҥкибиис – учуонай, тыл билимин хандьытаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П.Алексеев – Дапсы аатын уонна үөрэҕин тарҕатыы. Дьыктааны уопсайа 8 киһи суруйда. Дьыктаан тиэкиһин […]

“Комсомол – диэн тугуй?” Комсомол тэриллибитэ 105 сылыгар Далыр нэһилиэгэр ыытыллыбыт биктэриинэ ыйытыктара уонна эппиэттэрэ

ЫБСЛКС диэн уһатыыта (расшифровката) туох диэний? (Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһа) Комсомол хаһан тэриллибитэй, хас чилиэннээҕэй? (Россияҕа комсомол 1918 сыл алтынньы ый 29 күнүгэр оробуочай уонна үлэһит бааһынай ыччат Бүтүн Россиятааҕы I съеһинэн тэриллибитэ. Онон ити күн комсомол төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар. Ити бириэмэҕэ 22 тыһыынча 150 эрэ комсомол чилиэнэ баара). Комсомол бастакы аата? (РКСМ […]

Далырская сельская библиотека и КДУ присоединились к Всероссийскому месячнику “Белая трость” провели медиа-урок “#Мир един” в рамках сетевого проекта “Читаем все” инициированной ГКУ РС(Я) “Якутская республиканская специальная библиотека для незрячих и слабовидящих им. И.Н. Егорова – Горного” при поддержке Министерства культуры и духовного развития РС (Я)

Учуутал уонна иитээччи күнүгэр анаммыт тэрээһин

Алтынньы 6 күнүгэр культура сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох библиотека Аҕа сүбэһит уонна учуутал сылынан, Учуутал уонна иитээччи күнүгэр анаммыт “Үрдүккэ сырдыкка үөрэтэр, үтүөнү кэрэни үксэтэр” учууталлар уонна иитээччилэр күрэхтэрин тэрийдилэр. Далыр орто оскуолатын 2 хамаандата уонна оҕо уһуйаанын 1 хамаандата кыттыыны ыллылар.

Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэрэ

Алтынньы 5 күнүгэр нэһилиэк культуратын сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох библиотека Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт “Сааһырыы эмиэ кэрэлээх” – диэн араас күрэхтэрдээх дьоро киэһэни тэрийдилэр. Ону тэҥэ “Ааспыт кэм ахтылҕана” фотозонаҕа ыҥырыылаах ыалдьыттар астына, дуоһуйа хаартыскаҕа түһэн бардылар.

Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ

Алтынньы 4 күнүгэр Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Семенова Антонина Петровна, кэлэн ыалдьыттаан, хамаанданан күрэхтэһэн бардылар. Ону таһынан Далыр орто оскуолата 110 сааһын туолар Үбүлүөйдээх сылынан, “110 Үтүө дьыала” чэрчитинэн нэһилиэк библиотекатыгар кинигэ бэлэх ууннулар! Библиотека аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит!

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Далыр орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Егорова Людмила Александровналыын бибилэтиэкэҕэ кэлэн экскурсиялаан, оонньоон, кинигэ уларсан бардылар. Кырачааннар олус актыыбынайдар, араас кинигэлэри интэриэһиргээтилэр.