“Комсомол – диэн тугуй?” Комсомол тэриллибитэ 105 сылыгар Далыр нэһилиэгэр ыытыллыбыт биктэриинэ ыйытыктара уонна эппиэттэрэ

ЫБСЛКС диэн уһатыыта (расшифровката) туох диэний? (Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһа) Комсомол хаһан тэриллибитэй, хас чилиэннээҕэй? (Россияҕа комсомол 1918 сыл алтынньы ый 29 күнүгэр оробуочай уонна үлэһит бааһынай ыччат Бүтүн Россиятааҕы I съеһинэн тэриллибитэ. Онон ити күн комсомол төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар. Ити бириэмэҕэ 22 тыһыынча 150 эрэ комсомол чилиэнэ баара). Комсомол бастакы аата? (РКСМ […]

Далырская сельская библиотека и КДУ присоединились к Всероссийскому месячнику “Белая трость” провели медиа-урок “#Мир един” в рамках сетевого проекта “Читаем все” инициированной ГКУ РС(Я) “Якутская республиканская специальная библиотека для незрячих и слабовидящих им. И.Н. Егорова – Горного” при поддержке Министерства культуры и духовного развития РС (Я)

Учуутал уонна иитээччи күнүгэр анаммыт тэрээһин

Алтынньы 6 күнүгэр культура сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох библиотека Аҕа сүбэһит уонна учуутал сылынан, Учуутал уонна иитээччи күнүгэр анаммыт “Үрдүккэ сырдыкка үөрэтэр, үтүөнү кэрэни үксэтэр” учууталлар уонна иитээччилэр күрэхтэрин тэрийдилэр. Далыр орто оскуолатын 2 хамаандата уонна оҕо уһуйаанын 1 хамаандата кыттыыны ыллылар.

Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэрэ

Алтынньы 5 күнүгэр нэһилиэк культуратын сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох библиотека Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт “Сааһырыы эмиэ кэрэлээх” – диэн араас күрэхтэрдээх дьоро киэһэни тэрийдилэр. Ону тэҥэ “Ааспыт кэм ахтылҕана” фотозонаҕа ыҥырыылаах ыалдьыттар астына, дуоһуйа хаартыскаҕа түһэн бардылар.

Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ

Алтынньы 4 күнүгэр Далыр орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Семенова Антонина Петровна, кэлэн ыалдьыттаан, хамаанданан күрэхтэһэн бардылар. Ону таһынан Далыр орто оскуолата 110 сааһын туолар Үбүлүөйдээх сылынан, “110 Үтүө дьыала” чэрчитинэн нэһилиэк библиотекатыгар кинигэ бэлэх ууннулар! Библиотека аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит!

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Далыр орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Егорова Людмила Александровналыын бибилэтиэкэҕэ кэлэн экскурсиялаан, оонньоон, кинигэ уларсан бардылар. Кырачааннар олус актыыбынайдар, араас кинигэлэри интэриэһиргээтилэр.

Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, биир дойдулаахпыт Тарасов И.С. сырдык аатыгар анаммыт “Ааспыты, буолбуту анааран…” ахтыылар, ыстатыйалар кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.

Бүгүн, о.э. бэс ыйын 21 күнүгэр Далыр олохтоох бибилэтиэкэтигэр Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, биир дойдулаахпыт, “АЛРОСА” хампаанньа бэтэрээнэ, бэйэтин кэмигэр социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа, рационализатор, 33 сыл хайаны байытар кэмбинээккэ үһүс баабырыкаҕа үлэлээбит Иннокентий Сергеевич Тарасов сырдык аатыгар анаммыт “Ааспыты, буолбуту анааран…” ахтыылар, ыстатыйалар кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу үс түһүмэхтээх кинигэҕэ АЛРОСА хампаанньа бэтэрээнэ Иннокентий Сергеевич, киһи […]

ДАЛЫР НЭҺИЛИЭГИН ТУҺУНАН ЫРЫАЛАР, ХОҺООННОР

Далыр нэһилиэгин өрөгөйүн ырыата  У. Ороһуунускай тыллара В. Донской мелодията Наакаантан төрүттээх нэһилиэк буоламмыт Кэхтэри билбэтэх кэскилин айабыт, Кэнчээри о5о5о саӊалыы анаммыт Наадалаах оскуола боруогун аһабыт. Хос ырыата: До5ордуу дууһанан дьулуһан Далырдар кылбаӊныы дайыа5ыӊ Сахалыы сиэрдэри тутуһан Сомо5о түмсэммит сайдыа5ыӊ Далырга бастакы соругу сорунан Дмитрий Донской ячейка тэрийтэ, Кынаттаах хотойдуу, дьоруойдуу санаанан Комсомол диэн сулустаах […]