Анкетирование “Библиотека в вашей жизни”

Далырская сельская библиотека приглашает Вас принять участие в опросе “Библиотека в вашей жизни” с целью выявления Вашего отношения к библиотеке и чтению книг. Ваши ответы важны для нас. Спасибо! https://onlinetestpad.com/gvuymlcx5gwkm

Далыр нэһилиэгин библиотекатын историята

НЭҺИЛИЭККЭ ААҔАР БАЛАҔАНТАН Урукку таҥара дьиэтигэр Донской Дмитрий Иванович-Чөрөктүүрэп 1927 сыллаахха бастакы ааҕар балаҕаны тэрийбитэ, киниэхэ олохтоох оскуола учууталлара көмөлөһөллөрө. Ааҕар балаҕан сүрүн соругунан партия уонна советскай правительство ыытар политикатын дьон олоҕор тургэнник киллэрии буолара. Дьону бүттүүн үөрэхтээһин, комсомол ыытар үлэлэрэ, нэһилиэккэ, улууска ыытыллар улахан сүҥкэннээхэй событиелар, мунньахтар, съезтэр барыта ааҕар балаҕаҥҥа ыытыллаллара. Ол саҕана […]

Далыр нэһилиэгин кинигэтин 12, 13 туомнарын, «Чөрөктүүрэп» саҥа кинигэлэр презентациялара уонна В.И. Ленин аатынан бүтүн Сойуустааҕы Пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө улахан суолталаах тэрээһиннэр буоллулар.

Ыам ыйын 19 күнүгэр, Далыр нэһилиэгин кинигэтин 12, 13 туомнарын ,«Чөрөктүүрэп» саҥа кинигэлэр презентациялара уонна В.И. Ленин аатынан бүтүн Сойуустааҕы Пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө улахан суолталаах тэрээһиннэр икки чааһынан буолла. Ол курдук, тэрээһин бастакы чааһыгар Далыр нэһилиэгин кинигэтин 12, 13 туомнарын, «Чөрөктүүрэп» саҥа кинигэлэр презентациялара буолла. Кыһыл бартыһаан, сэбиэскэй, партийнай, общественнай үлэһит, суруйааччы […]

Пионерия 100 сылын көрсө “Далыр кэскилэ биһиги…” оҕо хамсааһынын оҕолоругар тэрээһин ыытылынна…

Пионерия 100 сылын көрсө “Далыр кэскилэ биһиги…” оҕо хамсааһынын оҕолоругар тэрээһин буолла. Барыта 10 оҕо кэлэн кыттыыны ылла. Тэрээһиҥҥэ, Пионер тэрилтэтин историятын туһунан, Далыр нэһилиэгин Пионердарын хаартыскаларын көрдүбүт. Далыр нэһилиэгиттэн “Артек”, “Орленок”, “Океан” лааҕырдарга сылдьыбыт оҕолору билистибит. Уонна 2 хамаандаҕа арахсан күрэхтэстибит. Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэни ыллылар “Пионер” хамаанда, 2 миэстэни “Комсомол” хамаанда ыллылар. Күрэхпит […]

“Айар” кинигэ кыһата Далыр нэһилиэгин олохтоохторугар!

Убаастабыллаах Далыр нэһилиэгин олохтоохторо!Эһиэхэ, эрэ анаан, “Айар” кинигэ кыһата саҥа тахсыбыт кинигэлэр, элэктроннай варианнарын олохтоох библиотекаҕа кэлэн ааҕыаххытын, билиигитин хаҥатыаххытын сөп. Уус-уран литератураттан саҕалаан, оҕолорго араас темалаах интэриэһинэй ойуулардаах кинигэ арааһа манна баар. Кэлиҥ, ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ!