Ийэ тыл уонна сурук- бичик күнэ

Ийэ тыл уонна сурук – бичик күнүн көрсө Далыр нэҺилиэгэр үгэс буолбут “Сахалыы дьыктаан” суруйуута буолан ааста. “Таптыыр сахам тылынан” аахсыйа5а оскуола 5,6,7 кылаас о5олоро кыттыыны ыллылар. “Сахалыы дьыктаан” аахсыйа5а улахан дьон көхтөөх кыытыыны ыллылар, дьыктаан тиэкиҺин аахта Далырдаа5ы сынньалаҥ киин үлэҺитэ Ломпордурова Варвара Николаевна, Дьыктаан кэннэ сэргэх сахалыы тыл оонньуута буолан ааста. Кэлэн аахсыйа5а […]

“Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх”

Олох, кэм – кэрдии күһүҥҥү кус – хаас үөрэ көтөн ааһарын курдук устан баран иһэр. Күһүн кус – хаас үөрэ көтөн ааста да бүттэ айылҕа иһийэ – ньимийэ түһэр. Ол эрэн саас, айылҕа эмиэ тиллэн кус –хаас үөрэ төттөрү үөскээбит түөлбэтигэр төннөн, төрөөн – ууһаан олоҕу салҕаан барар. Син ол тэҥэ “Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх” […]

Биир санаанан Кыайыы туҺугар!

Далырдаа5ы олохтоох култуура үлэҺиттэрин кө5үлээҺининэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар нэҺилиэк олохтоохторуттан көмө ас хомуллан ыытарга астаан, тоҥорон бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. НэҺилиэкпит бары көмөлөспүт дьонугар – сэргэтигэр улахан махталбытын тиэрдэбит! Норуот күүҺэ- көмүөл күүҺэ!

“ДьөҺөгөй о5отун” уруҺуйугар маастар кылаас

Далыр нэҺилиэгэр тохсунньу 22, 23, 24 күннэригэр бэрт сэргэх, сонун маастар кылаас буолан ааста. ТэрээҺини ыытта өр кэмҥэ Далыр орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбит билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Софронова Лилия Георгиевна. Айыл5аттан бэриллибит уруҺуйдуур талаанын нэҺилиэк олохтоохторун кытта үллэҺиннэ. Кэлбит 2026 сыл символын ДьөҺөгөй о5отун уруҺуйдаатылар. 3 күн устата кэлбит дьон талан ылбыт уруҺуйдарын кырааскалаан, […]

Тохсунньу 23 күнэ Аан дойдутааҕы илиинэн суруйуу БУОЧАР күнэ

Тохсунньу 23 күнүгэр Аан дойдутааҕы илиинэн суруйуу Буочар күнүгэр Далырдааҕы олохтоох библиотека уонна сынньалаҥ киинэ “Кыраһыабай буочар” диэн бэлэм тиэкиһи кыраһыабай буочарынан суруйуу күрэҕин куйаар ситимин нөҥүө ыыттылар. Күрэххэ уопсайа 14 кыттааччы кытынна, ол иһигэр 3 оскуола оҕото. Ломпордурова Варвара Николаевна Горохова Мария Никитична Габышева Галина Степановна Моекова Эмина Викторовна Попова Федора Степановна Евсеева Айна […]

БАСТЫҤ ААҔААЧЧЫ – 2025

Үгэс быһыытынан сылын аайы Далыр нэһилиэгин олохтоох библиотеката, сыл иһигэр элбэх кинигэни, сурунаалы уонна хаһыаты аахпыт ааҕааччытын бэлиэтиир. Ол курдук 2025 сыл түмүгүнэн “Бастыҥ ааҕааччы – 2025” аатын ыллылар: Павлов Егор Егорович Васильев Семен Никитич Федоров Афанасий Владимирович Бастыҥ ааҕааччыларбытын эҕэрдэлиибит уонна махтанабыт! Бар дьоммутун кинигэтэ ааҕын диэн ыҥырабыт! Саҥа үүммүт сылга ситиһиини, бары үчүгэйи […]

КҮТҮӨККЭ ХОМОЛТО

Олох киэҥ аартыгар саҥардыы үктэммит эдэр киһи тус дьылҕатын эрдэттэн өҥөйөн көрбөт. Иннигэр туох күүтэрин хантан билээхтиэй? Оттон ырыанан эрэ дьылҕатын моҥообут эмиэ суох. Ол иһин КИҺИ дьылҕата уонна олоҕо куруук сүрүн болҕомтону эрэйэр… Сардаана Александровна Корякина “Күтүөккэ хомолто” дьиҥ олохтон суруллубут кэпсээнин истиҥ-сэргээҥ

Аан дойдутааҕы Үрүҥ торуоска уонна хараҕынан көрбөт дьоҥҥо аналлаах аахсыйа чэрчитинэн Далыр нэһилиэгэр буолбут тэрээһиннэр

Алтынньы 15 күнүттэн, сэтинньи 15 күнүгэр диэри Аан дойдутааҕы Үрүҥ торуоска күнүгэр уонна хараҕынан көрбөт дьоҥҥо аналлаах аахсыйа буолан ааста. Бу акция хараҕынан мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо болҕомто, кинилэр кыһалҕаларыгар күүс – көмө буоларга ыҥырар. Ол курдук Далыр орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр “МИР ЕДИН” диэн видеоурок буолан ааста. Оҕолорго харахтарынан мөлтөх уонна көрбөт дьон күннээҕи олохторугар көрсөр […]