Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр “ЧАП УУС” өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрүт удьуор уустар күрэхтэригэр Далыр нэһилиэгин олохтооҕо Дмитрий Михалев кыттан кэлбитин туһунан кэпсиир…

Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр 2022с. муус устар 5 күнүгэр “ЧАП УУС” өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрүт удьуор уустар күрэхтэрэ буолан ааста. Бу күрэх тимир уустар төрүт үгэстэрин, ньымаларын сөргүтэр, тимири уһаарар идэлэрин култуурунай сыаннас быһыытынан тилиннэрэр, саҥа хайысхалары көрдөөһүн быһыытынан быйыл 5-с төгүлүн ыытыллар.Уустар күрэхтэригэр күөн көрсө Сахабыт сирин 8 улууһуттан, ол иһигэр Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Хаҥаластан, Кэбээйиттэн, […]

Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр улуустааҕы аһаҕас “Куйуур – 2022” күрэҕэр Далыр нэһилиэгин хамаандата кыттыыны ылла

Муус устар 3 күнүгэр Горнай улууһун “Мытаах” нэһилиэгэр улуустааҕы аһаҕас «Куйуур-2022» күрэҕэ буолан ааста. Күрэххэ Горнайтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Амматтан барыта 6 хамаанда кыттыыны ылла.Бу күрэххэ Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгин хамаандата олус ситиһиилээхтик кытынна диэн бэлиэтиэххэ наада. Далыр нэьилиэгин хамаандата: Филиппов Леонид Егорович, Михалев Дмитрий Дмитриевич, Андылырова Сардана Михайловна уонна Далыр орто оскуолатын 8 кылааһын […]

Алгыстаах чороон Далыр нэһилиэгэр кэллэ

Кулун тутар 24 күнүгэр ыраах сытар Өргүөт нэһилиэгиттэн Далыр нэһилиэгэр Алгыстаах чороон кэллэ.Бу тэрээһин улууспутугар Олоҥхо ыһыаҕа саҕаланара 100 күнүн бэлиэтиир дьоро тэрээһинтэн саҕаланна, улууспут аҕа баһылыга Владимир Семенович Поскачин Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕын көрсө уонна ийэ тыл сылынан 100 күн устата улууспут бары нэһилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн Алгыстаах чороону ыытта.Өргүөттээҕи култуура киинин үлэһиттэрэ уонна “Үмүлүүн” эбээ […]

Төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан”

«Сахалыы дьыктаан» аахсыйа бүгүн олунньу 12 күнүгэр күнүс 11 чаастан Далыр нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр буолла.Үгэскэ кубулуйбут дьыктаан суруйуутугар барыта 5 киһи кыттыыны ылла ??? 1 миэстэ – Андылырова С.М. ?? 2 миэстэ – Семенова М.В. ?? 3 миэстэ – Семенова А.П. ?? Кэлэн кыттыбыттарга МАХТАЛБЫН тиэрдэбин ?

Дал уонна Далыр тустарынан

⠀Yөhээ Бүлүү оройуонугар Далыр диэн кыра күөл баар. Кини аатынан дэриэбинэ ааттанан турар. Бу дэриэбинэ революция иннигэр балай эмэ сурабыра сылдьыбыта, улуус киинэ эҥин буолан.⠀⠀Далыр тоҕо Далыр диэн ааттаммытын туҺунан Yөhээ Бүлүү олохтоохторун ортотугар маннык үһүйээн баар: “Далыр диэн тыл “даллыс” диэнтэн үөскээбитэ үһү. Былыр (хайа үйэтээҕитэ биллибэт) тоҥустар сахалары кытта кыргыҺа сылдьан саҥыйахтарын ити […]