Туола Тарбыанап “Ааспыт үйэ өргөһө” хоһооно “Кылаан чыпчаал” ааты ылла

Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр центр ыыппыт “Төрөөбүт дойдугут, норуоккут хоһоонугар холбуоҕа, ырыатыгар ыллыаҕа…” аһаҕас кэтэхтэн хоһоон айааччылар күрэхтэригэр Далыр нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх хоһоон автора Илларионов Анатолий Иванович – Туола Тарбыанап “Ааспыт үйэ өргөһө” хоһооно “Кылаан чыпчаал” ааты сүктэ. Ааспыт үйэ өргөһө Кумахтаах Бүлүүттэн төрүттээх,Хаһаах […]

“Үтүө санаанан салайтаран”

Далырдааҕы олохтоох библиотека дьиэтигэр, хомойуох иһин биһиги кэккэбититтэн туораабыт Далыр нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Еремисов Захар Федорович уонна кини олоҕун аргыһа Еремисова Анна Агеевна дьиэтээҕи библиотекаларыттан нэһилиэк дьонугар – сэргэтигэр туһаны аҕала турдун, ааҕааччылар уларсан ааҕа сылдьалларыгар анаан, кинилэр балтылара Далыр орто оскуолатын нуучча тылын учуутала, Иванова Елена Ивановна барыта 70 араас кинигэни бэлэх уунна. Олохтоох […]

Оҕоҥ харчыны сатаан туттар дуо?

Харчы олоххо тирэҕи биэрэр, сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэр. Биһиги сатаан суоттанар, аттарынар буоллахпытына, оҕобутун харчыны сатаан туттарга хайдах үөрэтэбит? Бу туһунан оҕо билиэхтээх дуо? Кыра сааһыттан суоттуу үөрэниэхтээх Төрөппүт харчыны хайдах туттарын көрөн оҕо үтүктэр дииллэр. Ол эрээри ардыгар утарыта буолуон сөп. Харчытын сатаан туттубат төрөппүттээх оҕо өрүү кыһалҕаны көрсөр. Билигин аныгы үйэҕэ харчыта суох хардыыны […]

Алтынньы 14 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күнэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин билиҥҥи былааҕа 1992 сыл алтынньы 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин VI сиэссийэтин быһаарыытынан бигэргэммитэ. Саха Сирин былааҕа  Российскай Федерация судаарыстыбаннай Геральдикатын эрэгиистиригэр 183 №-нэн киллэриллибитэ. Былаах 4 өҥнөөх, ол курдук: от күөх – уйгу-быйаҥ, халлаан күөх – ыраас эйэлээх халлааны, кыһыл – олох кэрэтин ойуулуур, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну — бэлиэтииллэр. Оттон […]

“Чурапчы алдьархайа” үйэлэргэ умнуллубатын!

Чурапчы көһөрүүтэ-саха норуотун бүттүүн алдьархайа. 1939 сылтан турбут кураан 1941 сыллаахха Чурапчыга ордук суоһаабыта. Кыһын хаар түспэккэ, сааһа тымныы, тыаллаах буолан сир сиигэ көтөн, сайын аһыҥа туран сир харанан көрөн турбута. Мантан улахан аччыктааһын тахсыбыта. Дьон-сэргэ ыксаан барбыта, былаас чурапчылары хоту улуустарга балыктата ыытарга диэн дьаһалы ылыммыта. 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213№-дээх уурааҕар […]

Доруобай буолуохха

Улууспут үрдүнэн биллэриллибит “Доруобуйа күнэ” тэрээһин чэрчитинэн, Далыр нэһилиэгэр балаҕан ыйын 10 күнүгэр оҕо оонньуур былаһааккатыгар эти – хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥордубут.

Доруобай буолуу киһи бэйэтин уйаҕас айылгытыттан тутулуктаах

 Уопсастыба доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтии өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин педиатр-бырааһа Эмилия Анатольевна Токоемова чэгиэн-чэбдик буолуу төрүттэрин туһунан кэпсээтэ. Саха сирин хаһыатын сайтын 10.07.2024с. таһаарытыттан, ааптар Надежда Егорова. Доруобай буолуу киһи бэйэтин уйаҕас айылгытыттан (эмоциятыттан) тутулуктаах — Ырыынак биhиги олохпутугар эмискэ, бэлэмэ суох киирбит буолан, үчүгэй өрүттэринээҕэр сиэр-майгы сатаҕай өрүтэ олус элбээтэ. Сиэр-майгы эйгэтэ күнтэн-күн хабараан тыыннанар. Күннээҕи түбүктэн, үксүү […]

ЖИЗНЬ БЕЗ НАРКОТИКОВ!

Жизнь без наркотиков – просто не пробуй! На сегодняшний день в России около шести миллионов наркоманов, причем официально зарегистрировано из них лишь около миллиона. Данные ФСКН подтверждают, что каждый год население России уменьшается на 70 000 человек, умирающих от наркотиков – ежедневно погибает почти 200 человек. Сегодня в Якутске пять тысяч больных в возрасте 35-50 […]

Бэс ыйын 22 күнэ – Өйдөбүл уонна кутурҕан күнэ

83 сыл анараа өттүгэр, 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр, Фашисткай Германия Сэбиэскэй Сойууска соһуччу саба түһэн, Аҕа дойду уоттаах сэриитэ саҕаламмыта. Коммунистическай партия норуоттар бука бары биир сомоҕо санааны ылыан, кырыктаах өстөөҕү кыайарга күүһү-уоҕу ууралларыгар ыҥырбыта. Саха сирэ, төһө да ыраах буоллар, ол ыҥырыыга көхтөөх кыттыыны ылбыта. Уонунан тыһыынча сэриилэһэр кыахтаах дьон Ийэ дойдуларын […]