Саввинов Игнатий Николаевич – Хаача (1880 – 07.01.1957) дьиэ кэргэниттэн учууталлар династияларын төрүттээбиттэр.
Саввинова Мария Игнатьевна (1912 – 1978) дьиэ кэргэниттэн: Николаев Игнатий Алексеевич (20.09.1937 с.т.) математика учуутала, 1961 сылтан Абыйга, Далырга (47 сыл) үлэлээбитэ, РФ норуот үөрэҕириитин туйгуна буолбута, «Гражданская доблесть» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Спорт хас да көрүҥүнэн таһаарыылаахтык дьарыктаммыта, хапсаҕай тустуутун СР маастара, саахыматка, дуобакка ССРС спордун маастарыгар кандидат, республикаҕа биирдэ, оройуоҥҥа элбэхтик бастаабыта, Россияҕа «Урожайга» команданан […]
Николаев Иван Григорьевичтан төрүттэммит салайааччылар династиялара.
Ленин орденынан наҕараадаламмыт Николаев Иван Григорьевич (1930–1989) Мэйиккэ, Ороһуга, Күүлэккэ биригэдьиирдээбитэ. Талааннаах салайааччы буолан, 1970-71 сылларга бригада үрдүнэн 2500 кг. үүтү биир ынахтан ыаннар, Күүлэти республикаҕа тиийэ биллэр бригада оҥорбута сыаналанан, 1971 сыллаахха Ленин орденынан наҕараадаламмыта. Холкуоска, совхозка сылгыһыттар биригэдьиирдэринэн, булчутунан үлэлээбит Гаврильев Афанасий Титович (1927–1986) дьиэ кэргэниттэн уола Гаврильев Константин Афанасьевич (03.04.1958с.т.) совхозка трактористаабыта, […]
Исидор Никифорович Барахов 125 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах “Норуокка анаммыт олох” кинигэ быыстапката
Исидор Никифорович Барахов (Иванов) (1898-1938) – Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, XIX саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл. ОЛОҔО уонна АЙАР үлэтэ Төрдө-ууһа 1898 сыллаахха урукку ааҕыынан тохсунньу 31, аныгынан олунньу 12 күнүгэр Үөhээ-Бүлүү улууhун Харбалааҕар сүөhү иитиитинэн дьарыктанар сэниэ ыалга төрөөбүт. Аҕата Бараах уола Ньалбаахаан Микииппэр (Иванов Никифор Иванович) – дьадаҥы уола, бэйэтин хара күүhүнэн […]
Таайтарыылаах таҥха
Тохсунньу – Таҥха ыйа. Бу ыйга өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымтыктанан көрөллөрө. Ол үгэс, күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко тиийэн кэллэ. Бу кинигэҕэ былыргылыы билгэлэнии, аныгы оонньуулар, таҥха кэпсээннэрэ, дьикти дьарыктаах дьон туһунан араас кэмҥэ бэчээккэ тахсыбыт матырыйааллар, дьон-сэргэ кэпсээнэ түмүллэн киирбит. Күндү ааҕааччылар, таҥхаланыыгыт дьолу, үөрүүнү тосхойдун! ??
КУРУОЛУК сылыгар туохха ордук болҕойуохха?
(Сылларынан гороскуоп) Илиҥҥи гороскуобунан, 2023 сыл бэлиэтэ – уу хара куруолуга. Үүт-маас маннык куруолук 1903 уонна 1963 сылларга кэлэн ааспыт. Бу ый тохсунньу 22 күнэ үүнэр түүнүттэн саҕаланар. Куруолук – төрүөҕүгэр, ыччатыгар олус кыһамньылаах, эйэҕэс, дьиэмсэх кыыл. Кытай 12 сыллаах эргииригэр Куруолук сыла муҥутуур дьоллоох диэн ааҕыллар эбит. Астрологтар кэлэр сылы үтүөнү түстүө, туһугар холгу, […]
Далыр нэһилиэгэр “Ааҕар балаҕан” тэриллибитэ 95 сыллаах үбүлүөйэ.
Далыр нэһилиэгэр “Ааҕар балаҕан” тэриллибитэ 95 сыллаах үбүлүөйүн, ахсынньы 11 күнүгэр ыҥырыылаах ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо, оҕолор кыттыылаах үрдүк таһымҥа бэлиэтээтибит.Биһиги нэһилиэкпит Үөһээ Бүлүү улууһун олоҕор улахан суолталаах, баай историялааҕынан биллэр. 1808 сыллаахха биһиги нэһилиэкпит 1-кы Үөдүгэй диэн ааттааҕа, 14 буоластаах Үөһээ Бүлүү улууһун киинэ буола сылдьыбыта.Бүтүн дойду үрдүнэн биллибит событиелар 1-кы Үөдүгэй нэһилиэгин туора ааспатахтара. […]
Саха АССР үтүөлээх бырааһа, Саха АССР культуратын уонна искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Останин Владимир Петрович төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Останин быраас” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ
Далыр нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар, ахсынньы 6 күнүгэр, күнүс 3 чаастан Саха АССР үтүөлээх бырааһа, Саха АССР культуратын уонна искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Останин Владимир Петрович төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Останин быраас” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэ сүрэхтэниитин кинигэни хомуйан оҥорбут Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, К.С. Чиряев, М.Т. Егоров аатынан бириэмийэлэр стипендиаттара, Ороһутааҕы К.С. Чиряев аатынан […]
Далыр нэһилиэгэр “Ааҕар балаҕан” тэриллибитэ 95 сыллаах үбүлүөйүн көрсө “Библиотека олоҕо хаартысканан”
Далырга “Ааҕар балаҕан” тэриллибитэ 95 сыллаах үбүлүөйүн көрсө “Куйаар ситимин нөҥүө библиотекаҕа”
“Когда мы едины-мы непобедимы!” мероприятие посвященный ко Дню народного единства
Цель: познакомить детей с праздником и его историей.Задачи: обогащать и развивать у детей знания о народах, проживающих в России; воспитывать дружеские отношения, уважение к культуре различных народностей.