Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду “Исидор Барахов” кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Далыр нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр суруйааччы, тылбаасчыт, сценарист Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду Москваҕа “Эдэр гвардия” кинигэ кыһатыгар “Уһулуччулаах дьон олоҕо” (Жизнь замечательных людей) сиэрийэнэн тахсыбыт “Исидор Барахов” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Далыр орто оскуолатын “Далыр кэскилэ биһиги…” оҕо хамсааһынын оҕолоро уонна Далыр муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Евдокия Климентьевна Лазарева кыттыыны ыллылар, барыта 12 […]
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Доруобуйа национальнай күнүгэр аналлаах “Доруобуйа азбуката” кырачааннарга уруок
Олунньу ый бүтэһик өрөбүлүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Доруобуйа национальнай күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү 2000 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев чөл олоҕу түстүүр туһугар уонна XXI үйэҕэ норуот уйгутун үрдэтиигэ духуобунай, майгы-сигили уонна эт-сиин доруобуйатын бастакы суолталаах оруолун билинэн туран бигэргэппит. Олунньу ый 28 күнүгэр Далыр нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Доруобуйа национальнай күнүгэр аналлаах “ДОРУОБУЙА […]
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах “Уол оҕо – биһиги кэскилбит” күрэх буолла.
Бүгүн, о.э. олунньу 22 күнүгэр Далыр олохтоох бибилэтиэкэтэ уонна Далыр орто оскуолата Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах “Уол оҕо – биһиги кэскилбит” күрэх (8-11 кылаас уолаттарыгар) ыыттыбыт. Бары да билэрбит курдук, ханнык баҕарар омук, инники кэскилэ ыччат, онтон норуоту хамсатар күүһүнэн уол оҕо буолар. Күрэххэ барыта 8 уол кытынна. Күрэх иннигэр “История праздника” патриотическай час […]
Бастакылартан биирдэстэрэ – Оруоһуннар династиялара.
1-й Үөдүгэй нэһилиэгин оҕолоруттан Оруоһуннар кыыстара Рожина Елизавета Петровна биир бастакынан медик үөрэҕэр үөрэммитэ, олоҕун устатын тухары фельдшердаабыта. Елизавета Петровна 1939 сыллаахха Далыр сэттэ кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ, салгыы үөрэнэн фельдшер буолан 1946-47 сылларга балыыһаҕа үлэлээбитэ, 96 сааһыгар (2013 с) Якутскай куоракка олорон өлбүтэ. Кэргэнэ Кэнтиктэн Егоров Яков Петрович (1914-1986) Далырга 1943-46 сылларга быраастаабыта, […]
Уларова Марфа Севастьяновна үлэһит династията
Уларова Марфа Севастьяновна (10.09.1939 – 09.01.2022) балыыһаҕа 40 сыл фельдшердаабыта. Уола Федоров Афанасий Владимирович (05.12.1962 с.т.) суоппар, балыыһаҕа скорайга 16 сыл үлэлээбитэ. Кийиитэ Федорова Саргылана Семеновна (28.12.1963 с.т.) балыыһаҕа 29 сыл фельдшердаабыта. Сиэнэ Тимофеева Алена Юрьевна (14.10.1993 с.т.) фармацевт-провизор (7 сыл). Барыта 92 сыл. Суруйдулар Далыртан Аксаков А.С., Акимова А.В. 03.02.2023 с.
Михайловтар династиялара.
Күүлэккэ ыанньыксыттар биригээдэнэн хас биирдии ынахтан 2000-2500 кг ыаннар оройуоҥҥа, республикаҕа биллибиттэрэ. Ол кэмнэргэ бииргэ төрөөбүттэр «Михайловтар династиялара» диэн ааттара оройуоҥҥа доргуччу ааттанара. Кинилэр: Михайлова Анна Игнатьевна (1928-2012), Бочуот Знага орденынан наҕараадаламмыта. Кини оҕолоро Семенова Валентина Семеновна (21.03.1955 с.т.), Семенова Розалия Семеновна (23.02.1959 с.т.), күтүөтэ Николаев Руслан Иванович (1960 с.т.) эмиэ ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ. Михайлова Мария […]
Донской Михаил Софронович дьиэ кэргэнин сибээс үлэһиттэригэр династията
Донской Михаил Софронович (1919-1983 с) үйэтин тухары сибээскэ почтаҕа начальнигынан, монтерунан, радиһынан үлэлээбитэ (1942-1978=36 сыл). Кини оҕолоруттан: Донской Дмитрий Михайлович (12.06.1949 с.т.) Далырдааҕы АТС-ка радистаабыта, телестанцияҕа операторынан үлэлээбитэ (22 сыл). Уола Андрей Дмитриевич (05.07.1984 с.т.) ЯГУ-га ФизТеҕы бүтэрэн «Сахателеком» Якутскай ГТС-ка инженердыыр (2007 сылтан = 15 сыл). Донской Валерий Михайлович (01.06.1950 с.т.) 1975 – 2015 […]
Еремисовтар дьиэ кэргэннэрин учуутал династията.
Еремисов Семен Егорович – Сэмэккээн (1869 с.т.) Суор Мөрөөйүтүгэр олорбуттара. Еремисов Яков Семенович (1905-1945с.) Далыр оскуолатын үрдүкү кылаастарыгар үөрэнэ сылдьан (1927с.) учууталлыыр үлэтин саҕалаабыт, кэлин Бүлүүгэ (1928-29с) үөрэнэн математика учуутала буолан Бүлүүгэ Хампаҕа (1930-1933с.) оҕолору үөрэппит, онтон Якутскайга пединститутка (1933-37с.) үөрэммит, онтон Үөһээ Бүлүүгэ 1937-39 с. учууталынан, 1939-40с. завуһунан, 1942с. райОНО инспекторынан, 1943-45с. начальнай оскуолаҕа […]
Жирков Илларион Илларионович дьиэ кэргэнин эмчит династиятын туһунан.
Жирков Илларион Илларионович 1937 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ фельдшерынан үлэлии кэлбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр оройуон райздравын сэбиэдиссэйинэн уонна байыаннай фельдшерынан ананан үлэлээбит. Жирков Илларион Илларионович 1945 сыллаахха Далыр балыыһатыгар фельдшерынан ананан кэлбитэ. 1968 сылга дылы дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээн (31 сыл), элбэх киһи тыынын өрүһүйэн, олохтоохтор махталларын-хайҕабылларын ылбыта. Киниэхэ доруобуйа харыстабылын туйгуна ааты иҥэрбиттэрэ. […]
Төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” суруйуута.
Саппахтаах санааны сайыннарар, Саҥаны сарбынньахтыыр, Көппөҕүрбүт көхсүнү көччүтэр, Көҥүлү этитэр этэр тыл иччитэ… Алампа Бүгүн, олунньу ый 18 күнүгэр Төрөбүт тыл күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” суруйуута буолан ааста. Гавриил Васильевич Баишев – Алтан Сарын (1898-1931) – саха суруйааччыта, тылбаасчыт, лингвист, саха сирин реформатора, общественнай диэйэтэл, XX үйэ саҕаланыытын саха интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ. Дьыктаан […]