Новые книги в библиотеке
Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Данилов дьыктаана” өрөпүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыытылынна
Далыр нэһилиэгин библиотекатыгар муус устар 15 күнүгэр, Саха норуодунай суруйааччыта, бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэлэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Данилов дьыктаана” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыытылынна.Барыта 7 киһи көхтөөх кыттыыны ылла. Кыттааччылар 25 ыйытыылаах тургутукка хоруйдаан бэйэлэрин билиилэрин бэрэбиэркэлэннилэр. Ол курдук, саамай элбэх сөптөөх эппиэти биэрэн, Мэҥэ суругу ылла Андылырова С.М. “Данилов дьыктаанын” кыттыылаахтарыгар […]
Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Республиканскай “Буулдьанан ытыы” буолан ааста…
Муус устар 9-10 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Республиканскай “Буулдьанан ытыы” чемпионата буолан ааста.Бу күрэххэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан 7 киһиттэн турар хамаанда кытынна. Ол иһигэр Далыр нэһилиэгиттэн бэстилиэтинэн ытыыга Анатолий Васильевич Акимов уонна Раиса Никитична Семенова баран кыттан кэллилэр.Чемпионат кыттыылааҕа Анатолий Васильевич:“Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Республиканскай саҥа ТИР (олимпийскай резерва филиала) арыллыытыгар “Буулдьанан ытыы” чемпионата […]
Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Саха сирин историктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэринреспубликатааҕы кэмпэриэнсийэтиттэн…
Муус устар 9-10 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Саха сирин историктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин республикатаа5ы кэмпэриэнсийэтэ буолан ааста.Кулун тутар 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө кэмпэриэнсийэ 4 араас хайысхаҕа арахсан буолбута. Онно үчүгэй дакылааттар талыллан Дьокуускай куоракка барар чиэскэ тиксибиттэрэ.Үөһээ Бүлүү улууһуттан барыта 11 киһи баран […]
“ДАНИЛОВ ДЬЫКТААНА”
Күндү Далыр нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыалдьыттара!?????????Саха норуодунай суруйааччыта, бөдөҥ общественнай диэйэтэл Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар ананар Өрөспүүбүлүкэтээҕи “ДАНИЛОВ ДЬЫКТААНЫГАР” ыҥырабыт.???????? Ыытыллар кэмэ, бириэмэтэ: муус устар 15 күнэ, күнүс 15.00 ч.? Ыытыллар сирэ: Далыр нэһилиэгин олохтоох библиотеката? Дьыктаан хаамыыта: Дьыктааны (25 боппуруостаах тиэстэри) 45 мүн. устата толоруу???????Дьыктаан түмүгүнэн хас биирдии кыттааччыга […]
“ДОРУОБУЙА ХАРЫСТАБЫЛА” национальнай бырайыак чэрчитинэн бэриллибит мобильнай массыына Далыр нэһилиэгэр кэлэн үлэлээтэ
Новые книги в библиотеке
Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр “ЧАП УУС” өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрүт удьуор уустар күрэхтэригэр Далыр нэһилиэгин олохтооҕо Дмитрий Михалев кыттан кэлбитин туһунан кэпсиир…
Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр 2022с. муус устар 5 күнүгэр “ЧАП УУС” өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрүт удьуор уустар күрэхтэрэ буолан ааста. Бу күрэх тимир уустар төрүт үгэстэрин, ньымаларын сөргүтэр, тимири уһаарар идэлэрин култуурунай сыаннас быһыытынан тилиннэрэр, саҥа хайысхалары көрдөөһүн быһыытынан быйыл 5-с төгүлүн ыытыллар.Уустар күрэхтэригэр күөн көрсө Сахабыт сирин 8 улууһуттан, ол иһигэр Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Хаҥаластан, Кэбээйиттэн, […]
Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр улуустааҕы аһаҕас “Куйуур – 2022” күрэҕэр Далыр нэһилиэгин хамаандата кыттыыны ылла
Муус устар 3 күнүгэр Горнай улууһун “Мытаах” нэһилиэгэр улуустааҕы аһаҕас «Куйуур-2022» күрэҕэ буолан ааста. Күрэххэ Горнайтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Амматтан барыта 6 хамаанда кыттыыны ылла.Бу күрэххэ Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгин хамаандата олус ситиһиилээхтик кытынна диэн бэлиэтиэххэ наада. Далыр нэьилиэгин хамаандата: Филиппов Леонид Егорович, Михалев Дмитрий Дмитриевич, Андылырова Сардана Михайловна уонна Далыр орто оскуолатын 8 кылааһын […]
Алгыстаах чороон Далыр нэһилиэгэр кэллэ
Кулун тутар 24 күнүгэр ыраах сытар Өргүөт нэһилиэгиттэн Далыр нэһилиэгэр Алгыстаах чороон кэллэ.Бу тэрээһин улууспутугар Олоҥхо ыһыаҕа саҕаланара 100 күнүн бэлиэтиир дьоро тэрээһинтэн саҕаланна, улууспут аҕа баһылыга Владимир Семенович Поскачин Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕын көрсө уонна ийэ тыл сылынан 100 күн устата улууспут бары нэһилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн Алгыстаах чороону ыытта.Өргүөттээҕи култуура киинин үлэһиттэрэ уонна “Үмүлүүн” эбээ […]